Аныгы кэмҥэ оҕо сааһыттан тутулуга суох Аан дойду норуоттарын култууратын, олоҕун-дьаһаҕын туһунан киэҥ билиини киинэттэн, кинигэттэн, интэриниэт ситимиттэн уо д.а. эйгэттэн ылына улаатар.
Хайа баҕарар норуот култууратыгар, киһи бастатан туран, бэйэтин норуотун култууратыгар дьүөрэ, майгыннаһар да, уратылаһар да өрүттэри тэҥнээн көрөр идэлээх. Ол уратылаһар да, майгыннаһар да өрүттэри дьүөрэлии көрө үөрэннэххэ киһи бэйэтин норуотун баай култууратын ордук сыаналыыр, убаастыыр, киэн туттар, таптала күүһүрэр.
«М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээссийэлии үнүбэрсиэт» Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн саха тылын, литэрэтиирэтин уонна төрүт култуураны үөрэтии мэтиэдьикэтин хаапыдыратын устудьуона Софронеев Прокопий Леонидович.
Билим салайааччыта — Никитина Ньургуйаана Гаврильевна.
Түҥ былыр биир эйгэҕэ үөскээбит эпостар – олоҥхо уонна каай чөрчөк икки норуот үйэттэн үйэҕэ муспут – киһи уонна олох туһунан дириҥ силистээх-мутуктаах муудараһа буолар. Эпосовед Иннокентий Васильевич Пухов алтаай норуоттарын эпическэй айымньыларын туһунан улахан үлэни суруйбута. Кини бэлиэтииринэн түүр тыллаах норуоттар эпостарын сюжеттарын, этэр ис номохторун майгыннаһар өрүттэрэ үгүс. «Маадай Хара» айымньыны Алтаай аатырбыт кайчыта (алт. кай – хабарҕа ырыата; кай чөрчөк – эпическэй айымньы; кайчы – эпическэй айымньыны толорор (билэр киһи) Алексей Григорьевич Калкинтан биллиилээх фольклорист, суруйааччы Сазон Саймонович Суразаков суруйбута уонна лиэнтэҕэ устубута. С.С. Суразаков суруйарынан, Алексей Калкин Маадай Хара айымньыны аҕатыттан, эмиэ биллиилээх сэһэнньиттэн, каайчыттан Григорий Иванович Калкинтан сүһэн ылбыт. Эпическэй айымньылаах үгүс омуктар курдук, алтаайдар каай чөрчөктөрүн эмиэ тылынан уус-уран айымньы быһыытынан утумнаах бэрсэн иһэллэрэ.
Түүр омук бары эпостара — киһилии киһини, көҥүл айыы киһитин иитиини кэрэһэлииллэр. “Үөрэх” диэн тыл саха тылын төрүкү тыла буолара өбүгэлэрбит ыччаттарын олох олоруу, киһи буолууга тускулуур, уһуйар кэм кэрдии эргииригэр сүтэн, симэлийэн хаалбатах, күн бүгүнүгэр диэри саха дьонун сиэрдээх, ыарахаттары уйар, кыайар тулуурдаах, дьулуурдаах, толкуйдаах, үлэһит буоларга такайар ньымалардаахтарын туоһулуур.
Тылынан уус-уран айымньы бу көрүҥэ хайа да норуокка сүнньүнэн киһи айылҕаттан бэриллибит кутун, сүрүн чөл илдьэ сылдьан, ис айылҕатынан сайдан, олоҕун оҥосторун кэрэһэлиир. Оҕо кыратыттан бу айымньылартан киһи, олох, үтүө-мөкү, сырдык-хараҥа туһунан өйдөбүллэри өйдөөн, тулалыыр эйгэҕэ, уопсастыбаҕа бэйэтин кимин-тугун билинэн, бэйэтин олохтоохтук булунан ис айылҕатынан, айылгытынан сайдыытын, иитиллиитин киһититии диэн ааттыыбыт. Бу үлэҕэ «Дьулуруйар Ньургун Боотур» уонна «Маадай Хара» эпостарыгар киһитийии төрүттэрэ бэдэгиэгикэ, уйулҕа үөрэҕин кэриҥнэринэн тэҥнээн, ырытан көрүү оҥоһулунна.
Сүүһүнэн үйэлээх түүр омук остуоруйата (история) элбэх кистэлэҥнээх, дьиктилээх. Чинчийээччилэр иннилэригэр үгүс эппиэтэ суох ыйытыылар, ситимнэспэт чахчылар үөскүүллэр. Бу кыһарҕаннары быһаараары үөрэхтээхтэр түҥ былыр айыллыбыт норуот уус-уран айымньыларын ырыталлар, тэҥнииллэр, чинчийэллэр.
Бу айымньылар туох сыаллаах айыллыбыттара буолуой? Тоҕо умнуллан хаалбакка көлүөнэттэн көлүөнэҕэ уос номоҕо буолан биһиги кэммитигэр диэри кэллилэр? Көннөрү баай ис хоһоонноох, мүччүргэннээх сюжеттаах эрэ буолбакка, ону таһынан, дириҥ үөрэтэр, киһини киһи быһыытынан сайыннарар өрүттээх түҥ былыргы религия холобурун илдьэ сылдьар айымньылар буолуохтарын сөп. Ол иһин өбүгэлэрбит биһигини үтүө-мөкү күүстэр тулалыылларын билэн туран, кэлэр көлүөнэ хараҥаны утарсар, сырдыгы батыһар,үксэтэр кыахтаах буоллун диэн сүдү улахан билиини бу айымньыларга иҥэрбит буолуохтаахтар.
Ол курдук, саҥа тахсыбыт төрөөбүт литэрэтиирэ учуобунньуктарыгар оҕо алын кылаастан олоҥхону кытта билсэн барар. Онтон улахан кылаастарга атын омук эпостара алтыһыннаран үөрэтии технологиятын быһыытынан киирэн тураллар. Чуолаан тохсус кылаас учуобунньугар “Дьулуруйар Ньургун Боотур” уонна “Маадай Хара” айымньылар дьүөрэлии тутуллан үөрэтиллиэхтээхтэр.Бу үлэ бэриллибит сүдү айымньылары үөрэтэргэ көмө мэтиэдьикэлии сүбэ быһыытынан сурулунна.
I түһүмэх. Киһитийии үөрэҕин өйдөбүллэрэ «Дьулуруйар Ньургун Боотур» уонна «Маадай Хара» эпостарыгар
1.1. Киһитийии өйдөбүлүн “Дьулуруйар Ньургун Боотур” уонна “Маадай Хара” эпостарыгар тэҥнээн ырытыы
Түүр норуоттарын баатырдыы эпостара уонна саха олоҥхото бүгүҥҥү күҥҥэ диэри тыыннаах кэлэннэр, өбүгэлэр үйэлэргэ муспут кылаан өйдөрүн-санааларын кытта билсиһэр кыахтаахпыт. Мин бэйэм устудьуоннуур сылларбар Москва, Казань, Абакан, Нарьян-Мар, Кызыл, Горнай Алтаай куораттарга буолуталаабыт конференцияларга, олимпиадаларга кыттан, түүр омук ыччатын кытта алтыһан норуот тыла уонна култуурата норуоттары биир өйгө-санааҕа түмэр, сомоҕолуур күүстээҕин итэҕэйдим.
Бу олукка «Дьулуруйар Ньургун Боотур» уонна «Маадай Хара» эпостарыгар киһитийии үөрэҕин философия, культурология, литература кэриҥнэринэн тэҥнээн ырытарга холоннубут.
Инники этиллибитин курдук саха олоҥхото уонна алтаай эпоһа “Маадай Хара” майгыннаһар өрүттэрэ үгүс. Бу айымньылары тэҥнээн, ырытан көрүүгэ чинчийиилэри В.М. Жирмунскай[1],А.Н. Веселовскай, И.В. Пухов[2], Окладников[3], Н. А. Баскаков[4], В. П.Дьяконова[5], С.М. Каташев[6], С. С. Суразаков[7], М.Т.Гоголева[8], Н.Н. Ефремов[9], С. Д. Львова[10], Ю.П. Борисов[11] уо д.а. үлэлэригэр көрүөххэ сөп.
Хас биирдии түүр норуот баатырдыы эпоһа — саха олоҥхото, кыргыз «Манаһа», алтай «Маадай Харата», башкир «Урал Баатыра», калмык «Джангара» о.д.а. омук ыччатын киһилиигэ, олох муудараһыгар, мындырыгар иитэр үөрэҕэ буолалларынан үрдүктүк сыаналаналлар.
Норуот тылынан уус-уран айыытын муҥур чыпчаала буолбут сүҥкэн айымньылара төһө даҕаны түҥ былыр араас омук тылынан айыллыбыттарын иһин бары биири – киһи сирдээҕи дьоһун олоҕун туойаллар.
Киһитийии үөрэҕин “Дьулуруйар Ньургун Боотур” уонна “Маадай Хара” эпостарыгар тэҥнээн ырытыыга бастатан туран, киһитийии диэн өйдөбүлү быһаарар тоҕоостоох.
Үрдүк Өй-санаа үөрэҕэ – Киһитийии үөрэҕэ – хайа да норуокка сүнньүнэн киһи айылҕаттан бэриллибит кутун, сүрүн чөл илдьэ сылдьан, ис айылҕатынан сайдан, олоҕун оҥосторун кэрэһилиир.
Ханнык баҕарар омук бэйэтин норуотун тылынан уус-уран айымньытын туохха да тэҥнэммэт, туохтааҕар да күндү баайын, кылаатын курдук тутан, харыстаан, үйэтитэн, ыччатыгар тиэрдиитэ – кини ытык иэһэ, норуот тыыннаах буолуутун биир мэктиэтэ. Ону А.Н. Веселовскай норуот дириҥ өлбөт өйө, олоҕу билгэлээһинэ, олоҕу киһилии олорууга тускута – барыта кини тылынан уус-уран айымньытыгар баар диэн бэлиэтээһинэ бигэргэтэр[12].
Оҕо кыратыттан бу айымньылартан киһи, олох, үтүө-мөкү, сырдык-хараҥа туһунан өйдөбүллэри өйдөөн, ылынан, тулалыыр эйгэҕэ, уопсастыбаҕа бэйэтин кимин-тугун билинэн, бэйэтин оннун олохтоохтук булунан ис айылҕатынан, айылгытынан сайдыытын, иитиллиитин киһититии диэн ааттыыбыт.
Түҥ былыргы үйэлэртэн киһи буолуу, олоҕу олоруу сырдык, ол аата Айыы суолун тутуһуу үөрэҕэ Аан дойдуга биллэр олох үөрэҕин, библия, коран, трипитака (буддизм) о.д.а. курдук үйэҕэ өлбөөдүйбэт суолталаах.
Саха «Дьулуруйар Ньургун Боотур» уонна алтаай «Маадай Хара» эпостара бэрт дириҥ Аан дойду өйдүүр өйүнэн, саныыр санаатынан, мындыр толкуйунан айыллыбыт, киһи-аймах олоҕун сэһэнин систиир мөккүөрдэри сырдатар, Киҥкиниир киэҥ халлаанынан тайыыр үрдүк өлбөт өй үөрэҕин кэрэһилииллэр.
Саха омук муударас үөрэҕинэн олоҥхону ааттыыр эбит буоллаҕына, алтаайдарга муҥутуур билии-көрүү, муударас үөрэҕэ Билик диэн ааттанара биллэр. Бу туһунан Н.У. Улагашев, А.Г. Калкин о д.а. кайчилар «Алтай баатырлар», Н.А. Шодоев үлэлэригэр көрөбүт.
Норуот педагога Николай Андреевич Шодоев «Билик воспитания и обучения смыслу жизни» үлэтигэр: «Алтайский айлаткыш (философия Алтая) содержит систему воззрений на основе древнетюрских идей и знаний о возникновении духов, души человека и всего живого мира, о роли Природы, её духов, таких как Тёс Буркан (дух Прародины), о роли народа и его судьбах»[13] диэн бэлиэтиир. Алтаай норуотун өйдөбүллэрин маннык холобурдарынан көрүөххэ сөп:
- Ару тестер — Чистые духи Прародины Байана — дух Пра-пра-праматери, дух священного дерева, растения племени.
- Белге кебис — ковёр гадания.
- Билик — знания, познания, мудрость, наука.
- Кангый — «Дерево жизни».
- Кут — душа дитя по рождению.
- Санаа алынар — взяться за ум.
- Сергелен – бдительный.
- Умай эне — Мать Умай.
- Эр – мужественный.
Манан көрдөххө саха уонна алтай норуоттарыгар киһини, айылҕаны, олоҕу анааран көрөр муударастара, бөлөһүөпүйэлэрэ маарыннаһар өрүттэрдээх.
Н.А. Шодоев «Основы Биликизма помогают понимать ход и перспективу общественного развития. Разобраться в процессе развития духа, души и тела, неизбежности наступления времени победы Белой Веры»[14] диэн этэр санаатыгар өй-санаа, муударас үөрэҕэ Билик олох сайдыытын, Сырдык Итэҕэл кыайыытын, кут-сүр сайдыытын быһаарарга суолталааҕын этэр.
Р.С. Курчаков бэлиэтииринэн «Билик – это целостное народное мировоззрение, в котором знание и вера неразрывно связаны. Вера здесь опирается на исторический опыт народа, учитывает современные знания и отличается прагматичностью — вера для алтайца должна быть практически полезной в решении самых насущных жизненных проблем… По Билику источник знания и веры один — это единство общих законов Вселенной, Природы и человека»[15]. Р.С. Курчаков бэлиэтииринэн Билик диэн бу норуот аан дойдуну анааран көрүүтэ, билии уонна итэҕэл бииргэ силбэһиилэрэ. Алтаай киһитигэр итэҕэл олох кылаан кыһалҕаларын быһаарарыгар туһалаах, көмөлөөх буолуохтаах.
Алтаай норуотун сиэрдээх билиитигэр сиэр-майгы үөскүүр төрүттэрэ
(Факторы, влияющие на формирование нравственности,с точки зрения Народной Морали)[16]
Что «хорошо» от Верхнего мира, кем и как стал |
Что «плохо» от Нижнего мира, кем и как стал
|
||
1. Время рождения: | 1. Время рождения: | ||
2. Время зачатия: | 2. Время зачатия: | ||
3. Наследование от отца: | 3. Наследование от отца: | ||
сходства | противоположность | сходства | противоположность |
4. Наследование от матери | 4. Наследование от матери | ||
сходства | противоположность | сходства | противоположность |
5.Место рождения:
(в природе), погода, лучи |
5. Место рождения:
(в природе), погода, лучи |
||
6. Место зачатия:
( в природе) погода лучи т.д. В каком месте: постель, свой дом, свой очаг |
6. Место зачатия:
( в природе) погода лучи т.д. В каком месте: постель, свой дом, свой очаг |
||
7. Условия рождения: Настроение, желание и т.д. | 7. Условия рождения: Настроение, желание и т.д. | ||
8. Условия зачатия: настроение, желание, без выпивки | 8. Условия зачатия: настроение, нежелание, с выпивкой, насилие | ||
9. Чье-то хорошее влияние на воспитание | 9. Чье-то влияние на воспита — ние«плохо» | ||
10. Родственность крови родителей Неродственность крови родителей | 10. Неродственность крови родителей Родственность крови родителей | ||
11. Условия воспитания | 11. Условия воспитания | ||
12. Вывод (характеристика) | 12. Вывод (характеристика) | ||
13. Предопределение души и тела | 13. Предопределение души и тела |
Норуот сиэрдээх билиитэ
(Народная мораль)[17]
Что «хорошо» -поддерживается |
Что «плохо» — осуждается, отвергается
|
Счастье, радость, гордость, благородство, ответственность, взаимодоверие, взаимоподдержка, дружественность, доброжелательность по поводу успеха товарища, отходчивость от обиды и борьба против зла, вера в бога, в его слугу (кегее), что он есть энергия, способность, одухотворенность, хорошая привычка, духовность, умение, уважение, пример в поведении.
Помощь, предусмотрительность, совесть, разумность, доступность, близость отношений за доброту, нормальность взаимоотношений за дружбу, самостоятельность, наказание за грех, страсть к хорошему, жалость, но наказание врага, хладнокровие к врагу в борьбе, коллективизм или индивидуализм в свое время и на своем месте, товаришелюбие, законность, моральность, правдивость, быть человеком (моральном смысле), знание, биликность (мудрость, понимание, знания параллельного мира, научность) истина, истинность, убеждение, убежденность, мораль, нравственность, сознательность, мудрость (понимание духовности и душевности не чуждо человеку), бесстрашие, уважение, лояльность, учтивость, признание, благословив, благодарение, белое вещество, добрый внутренний и внешний голос, критичность плохому, свободолюбие, суверенитет без ущемления интереса обеих сторон, освобождение, равноправный договор, преданность и.тд.
|
Несчастье, гордыня, коварство, жадность, жестокость, стяжательство, зависть, клевета, сплетня, услужливость, подхалимство, неотходчивость от ненависти, ненависть за успех товарищу, зависть, обида, обидчик, преступление, преступник, бездуховность, не способность, вера в Эрли ка, его слугу шилемир (демон) сатану. Безразличие, дурная привычка, неумение, неуважение, не пример в поведении, не помощь, зло, непредусмотрительность, бессовестность, недоступность, не нормальные отношения, не самостоятельность, месть ради зла, несправедливость, страсть к плохому, хладнокровие к добру, индивидуализм или «коллективизм» не в свое время и не на своем месте.
Эгоизм, травмирование души, неразумность, незаконность. Неправдивость, ложь, не быть человеком (духовном,нравственном смысле), бездуховность, незнание, не понимание биликг, не научность, не истина, не убежденность, безнравственность, необязательность, несознательность, глупость, (непонимание духовности, душевности), чуждость человеку, ужас, страх, пренебрежение, не лояльность, не признание, скандал, ссора, проклятие, корысть, алчность, трусость, невзгоды, черное вещество, зараза, злой внутренний и внешний голос, захват, покорение, завоевание, зависимость, не критичность плохому, ущемление, неравноправный, кабальный договор, превратный, измена и.т. д. |
Үөһээ этиллибиккэ сигэнэн эттэххэ, саха олоҥхото уонна алтаай эпоһа (каай чөрчөк) түҥ былыргы өйү-санааны, олох мөккүөрдэрин ойуулуур курдук эрээрилэр, ис дьиҥэр – иэгэйэр икки атахтаах кэлэр кэмҥэ тардыстыытын күүһүн, киһи үрдүк өй-санаа, майгы-сигили муҥутуур сайдыытын кирбиитигэр тиийэр суолун, ньымаларын сырдатар, онно куойар ис тыыннаахтар. Үөрэх быһыытынан ураты дьайар күүстээхтэр.
Биллиилээх саха фольклориһа Иннокентий Васильевич Пухов алтаай “Маадай Хара” эпоһын саха араас олоҥхолорун кытта тэҥнээн көрөн баран “Героический эпос алтае-саянских народов и якутское олонхо” монографиятыгар маннык майгыннаһар өрүттэри ыйбыта:
- Аан дойду айыллыытын, сир-дойду отун-маһын ойуулаһын;
- Маҥнайгы дьон олохторо уонна уол оҕо төрөөһүнэ;
- Өстөөх маҥнайгы саба түһүүтэ уонна дьоруой бастакы киирсиитэ;
- Боотур ааттаныыта;
- Дьоруой сэбэ-сэбиргэлэ, таҥаһа, ата;
- Дьоруой бастакы айана;
- Дьоруой киирсиилэрэ, кыайыылара, хотторуулара;
- Ыал буолан омугу салҕааһын. Уруу ыһыаҕа.
Бу айымньыларга бухатыырдар ааттарыттан саҕалаан уол оҕо буолаан төрөөбүт ыйаахтарын, оҥоһууларын, аналларын, ис туруктарын, киһи буолар айылгыларын тэҥнээн көрүөҕүҥ:
Дьулуруйар Ньургун Боотур | Көҕүдэй Бэргэн |
1. Уол оҕо төрөөһүнэ, улаатыыта | |
Оҕо үөһээҥҥи айыылартан ананан төрөөһүнэ. Аат ааттыылара, улаатыыта. | Хара хайа оройугар уол оҕо төрөөһүнэ. Хайа иччитэ үөскэппит биһиктээх баччыр оҕону сир иччитэ Алтаай Хотуна улаатыннарыыта. |
2. Бухатыыр алаһатыттан арахсыыта | |
Бухатыыр алаһа дьиэтиттэн арахсыыта | Баатыр ийэтин, аҕатын, бар дьонун өрүһүйэ барар санааны ылыныыта. Сир иччитин алгыһа. Баатыр Алтаай устун айана. |
3. Бухатыыр олоҕун суолун быһаарыныыта,ылыныыта | |
Бухатыыр олоҕун суолун быһаарыныыта, ылыныыта. | Моһоллору ааһан Хара Кула Хаан дойдутугар кэлиитэ. Ийэлээх аҕата, дьоно-сэргэтэ тыыннаах сылдьалларын көрүүтэ. Быыһыыр суолу тобулуута. |
4. Бухатыырөстөөҕүн охсуһан кыайыыта | |
Бухатыыр утарылаһааччытын кытта охсуһуута, кыайыыта. | Баатыр утарылаһааччытын өйүнэн, албаһынан кыайыыта. (Хара Кула Хаан кута-сүрэ ханна баарын ыйдарыыта, булуута. Кыайтарбатах Хаан өлүүтэ). |
5. Бухатыыр алаһатыгар эргиллиитэ | |
Бухатыыр алаһа дьиэтигэр эргиллиитэ. | Дьонун-сэргэтин дойдуларыгар Алтаайга төнүннэриитэ. |
6. Бухатыыр кэргэн кэпсэтиитэ, аналлааҕын, аналын булуута | |
Бухатыыр олоххо аналын булунуута. | Баатыр кэргэн кэпсэтиитэ. Тургутуулары ааһыыта. |
7. Бүтүн киһи буолан олоҕу салгыыра | |
Уруу ыһыаҕа. | Көҕүдэй Бэргэн Көмүс Күскү кыыстыын сулус буолан Мэҥэ халлаан оройугар көтүүтэ. |
Үгүс алтай бухатыырдарыгар хара диэн тыл туттуллар: Маадай Хара, Баадай Хара, Хара Күөс. «Что касается богатыря алтайского эпоса Маадай – Кара, то он изображен стариком, уже ослабевшим физически, который поэтому мог быть толстым и рыхлым. Его спасет из плена враждебного богатыря герой – его сын. По-видимому, слово маадай в имени этого старого богатыря имеет какую-то связь с якутским словом матай и означает полноту и рыхлость старого человека» [7, с. 68].
Саха бухатыырдарыгар Ала Хара, Илэ Хара, Бүгүстээн Хара үгүстүк хара күүстэри кытта эҥэрдэспит абааһы бухатыырдара ааттаналлар.
«Маадай Хара» эпос сүрүн дьоруойа – Маадай Хара уола Көҕүдэй Бэргэн. Айымньыга төрүөҕүттэн ыла мэҥэ халлааҥҥа сулус буолан көтүөр диэри олорбут олоҕо ойууланар. Ол иһин эпитетэ сыыйа уларыйан иһэр. Бастаан «бухатыыр оҕо/уол», онтон «баатыр уол», «уолан баатыр», ол кэннэ «албан ааттаах бухатыыр», «ааттаах-суоллаах Көҕүдэй Бэргэн» диэн буолар. “Ааттаах-суоллаах” диэн этии алтаайдыы “атту-чуулу” диэн буолар.
Биир бэйэтэ сэттэ буолар оҥоһуулаах эбит: сири иһиллээччи, хайа сүгээччи, далай уулааччы, таас хомуйааччы, ыстаҥаһыт, хаас ытааччы, Көҕүдэй Бэргэн бэйэтэ.
Бу айымньылар сүрүн дьоруойдара бухатыырдар айыы киһитэ диэн өйдөбүлү олоҕурдаллар. Дьулуруйар Ньургун Боотур уонна Маадай Хара дьон-сэргэ туһун саныыр, кэскилин кэҥэтэр, тулалыыр эйгэни сырдатар, үтүөнү үксэтэр аатыгар сылдьаллар, олох уотун уматар, дьиҥ кырдьыгы көрөр, туруулаһар кыахтаахтар.
Бу олукка киһитийии үөрэҕин «Дьулуруйар Ньургун Боотур» уонна «Маадай Хара» эпостарга тэҥнээн көрөн маннык түмүккэ кэллибит:
- саха уонна алтаай эпостарыгар норуот ыччатын иитэр тускуллара биир: олоҕу таптааһын, айылҕаттан ситими тутуу, сыралаах үлэнэн олоҕу оҥостуу, тэрээһиннээх, түмсүүлээх буолуу, идэни баһылаан, дьиҥи, кырдьыгы тутуһан, билиилээх, туруктаах олоҕу олоруу, орто дойдуга айар-тутар олоҕу туругурдуу.
- Аныгы кэмҥэ олох ытык өйдөбүллэрин, муудараһын иҥэриммит оҕо култууралар алтыһыыларыгар кыттыһар, дьоннуун өйдөһөр, айымньылаах олоҕу оҥостор кыахтанар.
1.2. Саха уонна алтаай эпостарыгар норуот ыччатын иитэр, сайыннарар тускуллара
Бу олукка «Кэл. Олор. Сэһэргэһиэх» диэн норуот өркөн өйүн кэрэһилиир саха уонна алтаай эпостарын ытык өйдөбүллэринэн 9 кылааска кылаас чаастарыгар сэһэргэһиини тэрийии тосхолун, көдьүүстээх ньымаларын быһаараары бу кэмҥэ үөрэнээччи оҕо сайдыытын, уйулҕатын ураты өрүттэрин ырытар тоҕоостоох.
Маныаха педагогтар Г.Н. Волков, С.С. Каташ[18], Н.М.Киндикова[19], Р.К. Сананбасова[20], Р.З. Хайруллин[21], Т.В. Метреева[22], М.Т. Гоголева[23], Е.М. Поликарпова, К.С. Колодезников уо д.а. үлэлэрэ тирэх буоллулар.
Бастатан туран, ханнык баҕарар омук оҕо сайдыытыгар төрөөбүт ийэ тылын күүһүгэр тирэнэр. Хайа да норуокка боотурдуу эпос тыла-өһө, ис номоҕо оҕо тылын, толкуйдуур, анаарар, ырытар кыахтарын сайыннарар кыахтаах. Тыл нөҥүө айылҕаттан бэриллибит ийэ тыыны уһугуннарар тугунан да солбуллубат улуу күүс буолар.
Иккиһинэн, хайа да омук боотурдуу эпоһыгар киһи олоххо уһаарыллыыта бухатыырынан, баатырынан сирэйдээн сүрдээх чаҕылхайдык ойууланар. Манна биһиги саха уонна алтаай боотурдуу эпостарыгар сиэрдээх билии, киһи буолуу тускулларын көрдүбүт.
Үсүһүнэн, хайа да омук боотурдуу эпоһын оҕону сайыннарыы киинин быһыытынан туһаныыта – эйгэни үөскэтии, кулгааҕы (истэр дьоҕуру), хараҕы (көрөр дьоҕуру) арыйыы, толкуйдуур (кэпсэтии, сэһэргэһии, санааны этии) дьоҕуру тобулуу ньымаларын иҥэрии буолар. Бу туһунан 2 түһүмэххэ суруллар.
- Баатырдыы эпос уус-уран тыл, саҥарар саҥа, толкуй сайдыытыгар сүҥкэн суолтата.
Түҥ былыргы үтүмэн үйэлэр улаҕаларыгар эпическэй кэм, эйгэ, биллэн турар, хайа баҕарар омук олоҕун сүрүннүүр, ол эбэтэр баатырдыы эпос эйгэтэ, тыына баһылыыр суолталааҕа. Оҕо уу ньулдьаҕай эрдэҕиттэн баатырдыы эпос эйгэтигэр иитиллэрэ. Уол оҕо дойдуну көмүскүүр, кыыс оҕо олоҕу ууһатар, салгыыр аналлара күүстээҕэ. Оттон аныгы кэмҥэ үөрэх, билии сайдыбыт кэмигэр баатырдыы эпос өбүгэ муудараһын быһыытынан сыаналанар, төрүт өй-санаа олохсуйар эйгэтин үөскэтэр.
Хайа да омук былыр-былыргыттан оҕотун өйүн-санаатын сайыннарарыгар мэйии үлэтин дьүөрэ сайыннаран, айылҕа этэр сокуоннарыгар олоҕуран, араас таһымнаах энерго-информационнай эйгэҕэ такайан сайыннарара. Оннук үөрэтии-иитии биллэр-көстөр биир ураты эйгэтинэн боотурдуу эпоһы туойуу, истии, айылҕаҕа араас сиэри-туому толоруу, ыһыах ыһыы уо д.а. буолаллара саарбаҕа суох.
Оҕону энерго-информационнай эйгэҕэ такайыы айылҕа кэхтибэккэ сайдар тутулларыгар олоҕуруон сөп буолуо:
- туох барыта биир кэлимсэ сайдыыга бас бэринэр;
- айылҕа, киһи сайдыыта – биир дьүөрэ;
- туох барыта туһунан сайдар суоллаах эрээри куйаар сайдыытын сокуоннарыгар бас бэринэр;
- туох барыта айылҕаҕа бааралаах уонна утарыта хаачыстыбалаах, аналлаах;
- туох барыта сайдар-кэхтэр биричиинэлээх уонна онтон тутулуктаах түмүктээх;
- туох барыта күнтэн, ыйтан, космостан тутулуктаах үүнэр тэтимнээх уонна муҥурдаммакка сайда туруон сөп уо.д.а.
Ол аата баатырдыы эпос — уобарастаан, тылынан айан өлбөт өй, киһилии сиэр-майгы, олоҕу олоруу, туругурдуу – норуот ыччатын иитэр үөрэҕэ.
Биллэрин курдук, киһи тылын сайдыыта кини толкуйдуур кыаҕын таһымын кытта быһаччы ситимнээх. Санаа, толкуй тылынан бэриллэр.
Мэйии икки аҥарын үлэтин дьүөрэ сайыннарыыга улахан оруолу төрөөбүт ийэ тылынан уус-уран хоһуйуута ылар. Чинчийээччи Г.И. Богин бэлиэтииринэн, саха эрэ олоҥхото – истээччини бэйэтин иһигэр киллэрэн «хаамтарар» уонна өссө ону бэйэтинэн көрдөртөрөр сүдү күүстээх айымньы буолар.
Онон ийэ тылбыт хомуһуннаах хоһуйуулара уобарастаан көрөргө уонна тыл этэр күүһүн өйдүүргэ дьүөрэлэһэн уһуйаллар. Ону таһынан уруһуй, араас илии оҥоһуктарын оҥоруу, хоһуйуу-туойуу, үлэ, өй дьарыктара – барыта биир ситимнээх буоллаҕына оҕо мэйиитин икки полушариятын үлэтин күүһүрдэр, кини өйүн-санаатын сытыылыыр.
Олоҥхо өйө оҕону өй-санаа логическай сайдыытын тэҥэ өссө интуитивнай таһымҥа сайдыыга туһаайар кыахтаах. Чинчийээччилэр этэллэринэн, логическай өй-санаа дакаастыырга үөрэтэр, оттон арыйыылары оҥоруу интуицияҕа олоҕурар диэн. Оҕо интуитивно билэр, сэрэйэр уонна ырытар дьоҕурдара сайыннахтарына кини чахчы саҥаны булар, билэр айымньылаах киһи, Айыы киһитэ буолар кыахтаах. Оҕо логическай уонна интуитивнай өйө-санаата дьүөрэлэһиитин билгэ билии диэн быһаарыахха сөп буолуо.
Ордук улахан оҕолор интуитивнай, атын да таһымнаах өйдөрүн-санааларын сайыннарыыга саҥалыы уонна научнай хабааннаах үлэни тэрийиигэ саха бары мындыр өйдөөхтөрө, бөлүһүөктэрэ, олоҥхоһуттара, айылҕаттан айдарыылаахтара улахан көмөлөөхтөр.
Биллэн турар, научнай өттүнэн чочуйууга уйулҕа чинчиһиттэрэ А.Н. Леонтьев, Ж. Пиаже, Л.С. Выготскай, Д.Б. Эльконин, В.В. Зеньковскай, В.Э. Франкл, Н.И. Непомнящая, С.Л. Рубинштейн, А.В. Петровскай, В.А. Петровскай уо.д.а. үлэлэрэ төһүү күүһүнэн буолаллар.
Уйулҕа үөрэхтээхтэрэ норуот тылынан уус-уран айымньыта, чуолаан баатырдыы эпос киһиэхэ тыл күүһүнэн эргиччи дьайар, оҕо айылҕаттан бэриллибит ис айылгытын уһугуннарар, сайыннарар кыахтааҕын бэлиэтииллэр.
Ол аата норуот үтүмэн үйэлэр устатыгар ийэ тылынан олох, дьон-сэргэ сыһыанын, кыһалҕатын туһунан дириҥ өйдөбүллэрин, ыччатын иитэр-такайар, сырдык суолга тускулуур ньымаларын – барытын тылынан уус-уран айымньытыгар тиспитэ буолар.
Психолог Л.С. Выготскай оҕолору саастарынан олуктааһыны быһа-бааччы ылыныы табыллыбатын, ханнык баҕарар оҕо психологическай таһыма, тус сайдар суола, эйгэтэ ураты буоларын, онтон ситимнээн кинини иитии, сайыннарыы эмиэ уратылаах сыһыаны, ньымалары эрэйэрин педагог болҕомто киинигэр тутуохтааҕын суруйар[24].
Күннээҕи чэпчэки санаа угаайытыгар оҕустарбакка, өрүү сырдык, киһилии өттүн тутуһуу, ону кэрэһэлиир дьайыыларынан салайтаран олоруу – 14-15 саастаах улаатан эрэр оҕоҕо олох тулхадыйбат бэлиэтин быһыытынан иҥэр сүдү күүстээх. Ыал, түөлбэ, бөһүөлэк, оскуола, уопсастыба хайдах тэринэн-дьаһанан олоруута, тугу үҥэр таҥара оҥостуута – улаатан эрэр оҕоҕо быһаччы дьайар күүс. Онон 14-15 сааска оҕо сайдыытыгар, кини хайдах киһи буолан тахсарыгар эйгэ быһаарар суолталаах.
Бу кэмҥэ оҕо бэйэтин бүччүм санааларыгар бүгэр кэмэ, ол эрэн кини өйө-санаата, толкуйдуур кыаҕа сайдыытыгар тылын сайдыытын таһыма, уратыта быһаччы ситимнээҕин билэбит. Ол эбэтэр саҥа, тыл уонна өй сайдыыта быһаччы ситимнээх тиһик. А.Н. Леонтьев бигэргэтэрин курдук, оҕо сайдыытын сүрүн төһүүтэ — тылын сайдыыта: «Каждый человек становится субъектом мышления, лишь овладевая языком, понятиями, логикой, представляющими собой продукт развития общественно-исторической практики»[25]. Онон бу кэмҥэ учуутал, кылаас салайааччыта, төрөппүт оҕону кытта үгүстүк, болҕомтолоохтук бодоруһаллара, кэпсэтэллэрэ, сэһэргэһэллэрэ эрэйиллэр.
Биллэн турар, үөрэнээччи өйүн-санаатын эйгэтин тускулуурга бу кэмҥэ төрөөбүт литэрэтиирэ уруога улахан суолталанар. Оҕо төрөөбүт тылын уус-уран уобарастааһынын күүһүгэр киирэр, ол кини олоҕу анааран көрөр, айар күүстэрэ уһукталларыгар тирэх буолар. Литература уруогар истэн улааппыт олоҥхолоро, атын омук баатырдыы эпостара кини уйулҕатын, иэйиитин, сиэрдээх майгыга сыстыытын сайыннарар, кини норуотун сырдык тыынын иҥэринэригэр суолу арыйар. Тас эйгэни, дьону-сэргэни кытта алтыһар кыахтара уһуктуутугар ураты суолталаахтар. Оҕо ис уйулҕатыгар олоҕуран олоҥхо уобарастара кини психо-эмоциональнай туругун салайаллар, өйгө оҥорон көрөр, толкуйдуур, анаарар, ырытар кыахтарын сайыннараллар. Л.С. Выготскай бэлиэтээһинигэр сигэнии тоҕоостоох: «умной сказке принадлежит оздоровляющее и целебное значение в эмоциональной жизни ребенка»[26].
Онон, олоҥхо, боотурдуу эпостар саха оҕото олоҕу билиитигэр, чуолаан сиэрдээх билии олоҕуруутугар, ис киилэ иитиллиитигэр улахан оруоллаах.
Олоҥхоҕо, боотурдуу эпостарга үтүө, сырдык, кэрэ хаһан баҕарар кыайыылаах буолара – кини уйулҕатыгар үтүө, кэрэ, киһилии майгы уйа туттарыгар тиэрдэр. Бу тула сэһэргэһиилэр улаатан эрэр оҕо психическэй дьайымаллара сайдыытыгар эмиэ тирэх буолаллар.
- Хайа да омук боотурдуу эпоһыгар киһи олоххо уһаарыллыыта бухатыырынан, баатырынан сирэйдээн сүрдээх чаҕылхайдык ойууланар.
Л.А. Афанасьев – Тэрис «Олоҥхолорго киһи анала»[27] үлэтигэр сигэнэн саха уонна алтаай эпостарыгар киһи буолуу төрүтүгэр сигэнэн оҕо сайдар тускулларын көрүөҕүҥ.
Айыылар | Эйгэлэр (тускуллар) |
1. Айыыһыт тускула.
2. Иэйиэхсит тускула. 3. Дьөһөгөй тускула. 4. Хотой Айыы тускула. 5. Улуу Суорун тускула. 6. Аан Дьааһын тускула. 7. Билгэ, Таҥха, Дьылҕа тускуллара. 8. Одун Хаан, Чыҥыс Хаан тускуллара. 9. Үрүҥ Айыы тускула.
|
Дьиэ кэргэн
Айылҕаҕа сыһыан Үлэ-хамнас, хаһаайыстыба Тэрээһин, түмсүү Идэни, дьоҕуру ылыы Дьиҥи, кырдьыгы билии Билии-көрүү Оҥоһуу-анал Айар дьоҕур |
- Айыыһыт — дьиэ кэргэн тускула.
Айыыһыт төрөөһүнү-үөскээһини, ыалы төрүттүүр айыы. Бары түүр омук эпостарыгар биир уларыйбат түмүк баар: айыы уола уонна кыыһа холбоһон ыал буолаллара. Бу туһунан эпостарга маннык этиллэр:
Дьулуруйар Ньургун Боотур | Маадай Хара |
Айыы Дьураҕастай бухатыыр,
Эн аналлаах хотун ойоҕуҥ – Бу мин балтыбын Айталы Куону ылыах ыйаахтааххын, Хотуой, Кылааннаах Кыыс Ньургун, Эн аналлаах эриҥ Дьулуруйар Ньургун Боотур бу турар. «Дьэ, бу, биэбэкэйдээх оҕокколорум! Мин этэр тылбын Өйдөөн истэн туруҥ эрэ! Э, дьэ, сэт-сэлээн ситтэҕэ буоллун, Охсуһуу, өлүү бөҕө үлтүрүйдэҕэ буоллун, Хааннаах хара дьай халтарыйдаҕа буоллун! Дьэ төрүүр оҕону уйалыы, Иитэр сүөһүнү күрүөлүү, Төрөл бэйэни төрүттүү олоруҥ! Орто аан ийэ дойдуга Саха киһи-сүөһү төрдө буоларга Оҥоһуллан, айыллан-кэрдиллэн түспүккүт!
|
Көҕүдэй Бэргэн баатырга
Алтан Күскү маннык диэтэ: «Хаан ыарахан күрэһигэр Эн тэҥнээххин булбатаххын, Бий тэрийбит оонньуутугар Баатырдартан ордубуккун. Киис тумса эбирдээх буолар, Киһи соҕотох олоҕор Соҕотоҕун буолуо суохтаах. Кыыл оннооҕор түүлээх буолар, Киһи доҕордоох буолуохтаах. Эйигинниин барсыыһыбын, Талыылааҕыҥ буолууһубун.
|
Баатырдыы эпостарга дуолан охсуһуу, ытык киирсии — барыта ыал буолуу, олох оҥостуу туһугар оҥоһуллара бэйэтэ сүүнэ суолталаах. Хайа да омук ыал буолууга бастыҥ суолтаны биэрэрэ — олоҕу биирдиилээн дьон-сэргэ дьолунан көрөрө дириҥ бөлүһүөпүйэлээх. Дьон-норуот хас биирдии киһитэ суолтаҕа ылыллара наадатын, онтон норуот дьылҕата туллубат тутаахтааҕын омук мындырдыыр, онно тардыһар эбит диэн өйдөнөр.
Дьүһүн-бодо хайдаҕа эмиэ айыыһыкка сыһыаннаах. Айыы кыыһа да, уола да олус кэрэ дьүһүннээх-бодолоох буолаллар:
Туйаарыма Куо | Көмүс Күскү |
Тоҕус өргөстөөх толомон маҕан күнүм
Туналҕанын курдук Туналҕаннаах ньуурдаах, Тахсан эрэр күнүм Сардаҥатын курдук Таҥас бүтэй сардаҥаран көстөр Талба нарын таманнаах, Этиэхтэн кэрэ эт бүтэй уйула биллибэт, Уҥуоҕа көстүбэт, Уҥуох бүтэй силиитэ дьалкыйан Сahapa күндээрбит,… Миигэс-миигэстик мичилийбит, Өркөн-төлөн курдук Өгүрүк-төгүрүк көрбүт, Кыталык курдук кынталдьыйбыт, Куба курдук долгулдьуйбут, Кыыс оҕо кылааннаах үтүөтэ… Дьулуруйар Ньургун Боотуртан |
Ыйга тэҥнээх сырдык ньуура
Үрүҥ көмүс толбоннордоох, Күҥҥэ тэҥнээх сэбэрэтэ Көмүс курдук күлүмүрдүүр. Сирэйэ ыйдыы төгүрүк, Иэдэһигэр кустук оонньуур, Тахсыбыт ыйдааҕар ордук, Кыыһар күннээҕэр сырдык. Тоҕус уон өрүү суһуоҕа Тиҥилэҕэр намылыйбыт, Сэттэ уон хойуу суһуоҕа Алтаай устун субуллубут. Түөрт уон икки тимэҕэ Дьиримниир-суһумнуур эбит, Алта уон икки суһуоҕун киэргэлэ Биилигэр охсуллар эбит, Харахтара сулус уоттаах, Тыла алмаас таастыы сытыы. Көмүс Күскү кыыс кэрэтин Киһи сатаан эппэт эбит. Маадай Хараттан |
Бу үтүө дьүһүн айыы киһитэ удьуор өттүнэн омсоло суоҕун, удьуор өттүнэн чөл буолууну харыстыыры көрдөрөр. Алтай эпоһыгар кэрэ аҥардарга коо диэн тыл кыраһыабай, кэрэ диэн суолтаҕа туттуллар. Бойдонг Коо, Темене Коо, Эркин Коо.
- Иэйиэхсит — Айылҕаҕа сыһыан тускула.
Олоҥхоҕо Иэйиэхсит үүнэр айылҕа айыыта. Оттор-мастар, кыыллар-көтөрдөр бары кини быйаҥа буолаллар.
Баатырдыы эпостарга сири-дойдуну туойуу мэлдьи улахан миэстэни ылар.
Алтаай — Ай Хаан сирэ-уота
Алыс гына айыллыбыт.
Өрүс тааһын курдук элбэх
Сүөһү баайдаах эбит,
Сырдык хааннаах дьонноох эбит,
Эмтээх ыраас ууну иһэр эбит,
Алтан, көмүс хайалардаах эбит,
Тирэх мастаах ойуурдардаах эбит.
Өҥ күөх сирдээх-уоттаах эбит,
Иллээх-эйэлээх хаан эбит.
Чаҥ сандалы тардыбыттар.
Сир үрдүн сэттэ уон хаана
Бары манна мустубуттар.
Алтаай алта уон хаана
Манна кэлэн түмсүбүттэр.
Айыы дойдута мэлдьи үүнэ-чэлгийэ турар идэлээх. Бу идиэйэ саха олоҥхотугар ордук күүскэ Аал Луук Мас, онтон алтаай эпоһыгар сүүс салаалаах баай тирэх уобараһынан бэриллэр. Сир, дойду иччитэ Аан Алахчын Хотун бухатыырга күүс-көмө буоларын курдук алтаай эпоһыгар эмиэ Көҕүдэй Бэргэн күөх хайа оройугар төрөөн-үөскээн баатыр буолара, сир иччитэ Алтаай Хотуна улаатыннарын туһунан этиллэр.
Онон Аал луук Мас уонна баай тирэх мас орто дойду дьонугар дьолу-соргуну олохтуур, быйаҥы биэрэр, оттон айыы дьоно бу үтүө-кэрэ дойдуну харыстыыр аналлаахтар.
Аал Луук мас
|
Сүүс салаалаах баай тирэх мас |
Аҕыс иилээх-саҕалаах
Атааннаах-мөҥүөннээх Аан ийэ дойдуларын Хаба ортотугар Аҕыс салаалаах Аал Кудук Мас үүммүт эбит. Тулларыттаҕас хатырыктаах Томороон тиит буолан Туругурбут тупсубут Мас үүнэн турар эбит… |
Сэттэ уон өрүс силбэһэр сиригэр,
Сэттэ аар хайа хонноҕор Сүүс салаалаах баай тирэх, Ыйга-күҥҥэ күлүмүрдүү Үйэлэргэ үүнэр эбит.
|
Саха да, алтаай да эпоһыгар Дьулуруйар Ньургун боотур, Көҕүдэй Бэргэн сүөһү көрөн, бултаан-алтаан, бэйэлэрин кыанар, аналларын өйдүүр бухатыыр буола улааталлара көстөр.
Күн тура-тура уол сүөһүтүн көрөр-истэр,
Бултуур-алтыыр буолан истэ. Баай хара тыаттан Ойдо буурунан олохтонон, Эмньик табанан идэһэлэнэн, Сырҕан эһэни сыттыктанан, Бууру муннуттан, тайаҕы таныытыттан, Эһэни сабырҕаҕыттан Сиэтэн – онон оонньуур уол буолла. Онтон сарсыҥҥыта тура-тура Ыстаҥалыы, кылыйа, куобахтыы, сүүрэ Оонньуур уол буолла. Улаатан тиийэн кэллэ: Үрдүгэ — үрдүк тиити Төргүү мутугунан холобурдаах, Намыһах тиити Кылаан чычаххайынан холобурдаах Уол оҕо одьунааһа, Саха киһи бастыҥын Холобурдаах киһи буолла. |
Оҕун ылан ытан саайда
Барыларын биирдэ тапта. Сэттэ уон бороҥ куобаҕы Атахтарын холбуу баайан Дьиэтигэр сүгэн аҕалла. Ойоҕос уҥуоҕа ох саа Кулуһун оноҕоһунан Тоҕус уон мараал сүрэҕин Тобулу сүүрдэн кэбистэ. Тоҕус уон эриэн табаны Атахтарын холбуу баайан Дьиэтигэр соһон аҕалла. Дьэ, эмээхсин үөрдэ-көттө, Силиинэн, эмис бүөрүнэн Баатыр уолун күндүлээтэ.
|
Айылҕа бары иччилэрэ – бары киһиэхэ көмөлөһөллөр. Бу иччилэринэн киһи айылҕаны кытта сибээһэ бэриллэр. Айыы дьоно үөһээҥи айыылартан өйдөбүллээх, иччилэрдиин ыкса сибээстээх буоланнар абааһылары, өстөөхтөрүн хотор кыахтаналлар.
Олоҥхо дьоруойдарын эргиччи айыылар, от-мас иччилэрэ араҥаччылыыллар: ойуурга, тыаҕа Баай Байанай, хонууга, толооҥҥо Аан Алахчын Хотун, ууга Күөх Далай иччитэ, дьиэҕэ-уокка анал иччилэр, о.д.а. Айылҕаны кытта биир тыыннаах, өйдөһөр, өйөһөр аналлаах ол иһин «Киһи — айылҕа оҕото» диэн этиллэр. Айылҕаны, айылгыны утары, уһаты-туора барбыт кэнэҕэскитин кэбирэтэрэ, олоҕун огдолутара көстөр. Онон айыы киһитэ «аһыныгас санаалаах, көмүскэс сүрэхтээх», онтон ситимнэнэн айылҕаны кытта биир тыыннаах буолан, хорсун сүрэхтээх, сытыы, мындыр өйдөөх, үтүө-кэрэ майгылаах буолар. Айылҕалыын биир тыыннаах киһи атын дьону-сэргэни өйдүүр, ытыктыыр, аһынар, көмүскүүр.
«Маадай Хараҕа» киһи төрөөбүт сириттэн-уотуттан ситимнээҕин сир иччитэ Хотун эмээхсин тылыгар көрөбүт:
Оҕом барахсаны, — диэтэ,
Сиргин-дойдугун умнума.
Сэттэ уон салаалаах өрүс
Эн иитиллибит өрүһүҥ,
Сэттэ үрдүк хара хайа
Дурдаҥ-хаххаҥ буолар, — диэтэ. —
Этэҥҥэ эргийдэххинэ
Алтаайыҥ айхаллыы көрсүө,
Кыайан-хотон кэллэххинэ
Төрүт дойдуҥ үөрүө-көтүө.
- Дьөһөгөй — үлэ-хамнас, хаһаайыстыба тускула.
Олоҥхоҕо Дьөһөгөй үлэһит буолар дьоҕуру биэрэрэ этиллэр. Олоҥхолорго айыы дьоно бигэ хаһаайыстыбаны тэринэн олороллоро кэпсэнэр. Саха уонна алтаай эпоһыгар маннык көстүү баар: бииринэн, киһи орто дойду айылҕатын харыстаан олороро кэпсэнэр; иккиһинэн, барытыгар бэйэтэ үлэлиир-хамныыр, онон быйаҥы бэйэтэ оҥорор.
Олоҥхоҕо Уот Уһутаакы, Маадай Хараҕа Эрилик Бий уоран, талаан олороллор, орто дойду дьонун олоҕун-дьаһаҕын ыһаллар.
Саха, алтаай эпостарыгар бухатыырдар бэйэ хаһаайыстыбатын көмүскүүр иһин бу ыһар, алдьатар, кэҕиннэрэр күүһү утары охсуһар. Абааһыны, өстөөҕү утары охсуһуу баһыйар. Эйэлээх олох хайаан да буолуохтаах көстүү быһыытынан ойууланан ааһар. Эйэлээх олох айыы киһитин сүрүн идиэйэтэ. Киһи орто дойдуга атаан суох буоларын иһин олорор. Дьэ, ол иһин бары мөкүнү күөртүүр өстөөҕү тэйитии сүрүн сорук буолар. Бу эрэ түбэлтэҕэ кэскиллээх бөҕө хаһаайыстыба туругурар кыахтанар.
Сатабыллаах буоллаххына,
Сүмэр Улуом[28] хайаны да көтөҕүөҥ,
Быыһыыр суолу сатаан булуоҥ,
Албан ааттаах баатыр буолуоҥ», —
Боотур уолун Алтаай хотун
Алгыы, үөрэтэ олордо.
- Хотой Айыы — тэрээһиннээх, түмсүүлээх буолуу тускула.
Боотурдуу эпостарга айыы дьонун ытыктааһын биир иэйиигэ олоҕурара этиллэр. Ол иэйии аһыныгас буолуу диэн ааттанар. Киһи биир саамай төрүт хаачыстыбата – аһыныгас буолуу.
Айыы дьонун көмүскэс, харысхас майгылаах, бу хаачыстыба баар буолан айыы дьоно алдьатар күүһү утары түмсэр дьоҕурдаахтар.
Бу туһунан «Маадай Хараҕа» хайа иччитэ боотурга этэр тылларыттан көстөр:
Кырдьаҕаһы көрдөххүнэ
Ытыктыыр буолаар кинини,
Эдэри көрүстэххинэ
Эҕэрдэлээн ааһар буолаар.
Бөрө курдук буолаайаҕын —
Бөрөҕө айа иитэллэр.
Кыаххар олус эрэнимэ —
Бөҕө эмиэ бүдүрүйэр.
Ытыалаһарга ыксаама —
Ытар түгэн тирээн кэлиэ.
Этиһэргэ тиэтэйимэ —
Этинэр да кэмиҥ кэлиэ.
Ытар охтоох буоллаххына,
Тула көрөн баран ытаар.
Этэр тыллаах буоллаххына,
Сэрэнэҥҥин этээр», — диэтэ.
Эбэтэр Көҕүдэй Бэргэн баатыр бэйэтин туһунан маннык этинэр:
Көҕүдэй Бэргэн баатырбын,
Маадай Хара оҕотобун.
Хара санаа диэн миэхэ суох,
Өһүөн санаа диэн эмиэ суох.
Онон дьон бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэр ытык үгэстэриттэн түмсүү үөскүүр эбит. Бу туһунан «Маадай Хараҕа» маннык этиллэр:
Сир ийэ сэттэ уон хаана
Баатырга тиийэн кэллилэр,
Алтаай алта уон хаана
Бары киниэхэ кэллилэр.
Илгэлээх Алтаай барахсан
Ил-эйэ дойдута буолбут,
Алтан хайалаах баай Алтаай
Нус-хас олохтоммут эбит.
- Улуу Суорун — идэни, дьоҕуру ылыы тускула.
Улуу Суорун дьоҥҥо үс сүрүн идэни биэрбит: уһанар идэни, тыл хомуһунун уонна ойуун идэтин.
Бухатыырдар, баатырдар хайаатар да үгүс үөрэҕи ааһан «үс биис үгэһигэр үөтүллүбүт», «аҕыс уон аҕыс албаһы, тоҕус уон тоҕус кубулҕаты» баһылаабыт буолаллар.
Ханнык баҕарар түбэлтэҕэ айыы киһитэ эт-сиин өттүнэн модун, элбэх албастаах, айылҕаны туһанар кыаҕа улахан буолар.
Абааһы эмиэ айыы киһитин курдук элбэх албастааҕа, үгүс күүстээҕэ кэпсэнэр. Ол гынан баран кини күүһэ кэргэй, ол аата төһө эрэ итэҕэс буолар. Күүһү-уоҕу ылыы, албаһы баһылааһын айыыга да, абааһыга да баар. Айыы бухатыыра – күүһү-уоҕу, албаһы айар, оҥорор, үөскэтэр. Бу күүс холбоһууга, иллэһиигэ, өйдөһүүгэ олохсуйбут буолан Орто дойдуну чэлгитэр, байытар. Оттон абааһы – орто дойду быйаҥын уоруу уонна ити быйаҥы алдьатар, өлөрөр күүскэ кубулутуу.
Мантан көстөрүнэн, айыы киһитэ идэни баһылааһына эмиэ биир саамай төрүт тускул эбит. Идэни баһылааһын айар тосхолунан барар. Орто дойдуга уйгуну оҥоруу, олоҕу туругурдуу – айыы киһитин идэтэ.
«Маадай Хараҕа» Көҕүдэй Бэргэн албаһын туһунан маннык этиллэр:.
Күүһэ ордук — албыннаабыт,
Аба ордук — албастаабыт.
- Аан Дьааһын — дьиҥи, кырдьыгы билии тускула.
Эпостарга кырдьык хайдах ойууланарын көрүөҕүҥ. Орто дойду мэлдьи дьиҥнээх, кырдьык төрдүнэн буолар.
«Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоҕо Аан Алахчын маннык ыллыыр:
Уот Кутаалай удаҕан
Уодьуганын туттарбатах,
Туттарбытынан туран
Тура балыырдаах,
Көрдөрбүтүнэн туран
Көрө мэлдьэхтээх,
Сараһын дьайдаах,
Салбанар илбистээх
Улаат-кулаат
Уолаттара түһэннэр,
Аан ийэ дойдум
Араҕас далбарын
Тобуктарын ортотугар диэри
Тоҕо кэһэн эрэллэр.
Бу ырыаттан көстөрүнэн абааһылар кырдьыгы тутуспат эбиттэр. Кинилэр бу албын-көлдьүн буолуулара дойдуларыттан тахсар. Абааһы дойдута мэлдьи бүдүк-бадык, сай-күдүө, туруга суох буолар[29].
Көстүбэт улууһун
Күтүр бэрдэ,
Абааһы аймаҕын
Ааттаах бэрдэ.
Бу түбэлтэҕэ абааһылар бары «көстүбэт улууһа» диэн ааттаналлар. Ити кинилэр албыҥҥа-көлдьүҥҥэ олоҕуралларын өссө төгүл бэлиэтиир.
«Маадай Хараҕа» абааһы бииһэ эмиэ албына, албын сирдээҕэ, олохтооҕо ойууланар.
Көҕүдэй Бэргэн хотоолго
Хоҥор сылгы диэн көрбүтэ —
Араҕас аҥыһа эбит.
Маҥан сылгы диэн көрбүтэ —
Ойуолуур аҥыһа эбит.
Сылгы үөрэ сылдьар дуу диэн,
Били ымсыыра көрбүтэ —
Эриэн моҕой кыыллар эбит.
Хара Таадьы абын туттан
Баатыр уол хараҕын баайан
Сэттэ уон былас уһуннаах
Эриэн үөнү миинэр миҥэ биэрбит.
Өйүн-санаатын булкуйан
Хаарыан атыттан араарбыт,
Сулумах сатыы хаалларбыт.
Айыы киһитэ кырдьыгы көмүскүүр иһин айыылар суолларын тутуһар. Сахалар бэйэлэрин:
Көхсүттэн көнтөстөөх
Күн киһитэбин,
Арҕаһыттан тэһииннээх
Айыы киһитэбин —
дииллэр. Хас биирдии киһи айыылары кытта сиэттэһэр аартыктаах (көнтөс, тэһиин). Итинник аартыктаах буолан дьиҥҥэ тирэнэр, кырдьыгы көмүскүүр.
- Билгэ, Таҥха, Дьылҕа — билии-көрүү тускуллара.
Олоҥхоҕо иэгэйэр икки атахтаах күүһэ модун күүһүгэр буолбатах, өйүн күүһүгэр. Өй күүһүн муҥутуур сиэрдээх майгы эрэ үөскэтиэн сөбө ырылхайдык көстөр.
Холобур, олоҥхоҕо уол оҕо барахсан омук тирэҕэ, олоҕун тутааҕа буолара «Күн дьонун көмүскүүр, айыы дьонун араҥаччылыыр” үрдүк аналынан бэлиэтэнэр. Бухатыыр төһөлөөх да уордайбытын, хараҕыттан сиэрэ уота бырдаҥалаабытын иһин, ханна сылдьарын, кимниин кэпсэтэрин, хайдах быһыыланнаҕына, тутуннаҕына-хабыннаҕына сатаныан сөбүн чопчу билэр буолар. Туохха барытыгар өйдөөх-төйдөөх сыһыан, иннини-кэннини билии эрэйиллэр. Аҥаардас күлүмэх күүс алдьархайы эрэ ааҥнатыан сөбө, өй-сүрэх күүһэ олоҕу оҥорорго, араҥаччылыырга быһаарар суолталааҕа өйдөнөр. Айыы бухатыыра — олох иһин охсуһааччы — өлбөт тыыннаах, оттон абааһы бухатыыра — куһаҕаны, сидьиҥи төрүттээччи — өлөр айылгылаах.
Саха билиини-көрүүнү ылар туругу аһаҕас эттэнии (аһаҕас буолуу) диэн ааттыыр.
«Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоҕо киһи:
Иннинэн сирэйдээх,
Ичээн эттээх,
Икки атахтаах
диэн ааттанар. Манна «ичээн эт» диэн тыл киһи этэ-сиинэ билигэһин (аһаҕаһын) бэлиэтиир. Киһи итинник билигэс эттээх буолан айыылардыын, иччилэрдиин (айылҕа ис күүстэрин кытта) сибээстээх. Ити курдук киһи аан дойдуну өйүнэн сырдата сылдьар. Абааһы буоллаҕына билиитэ итэҕэс буолар. Кини туругун бүөлэммит (кулгааҕа-хараҕа сабыллыбыт) диэн ааттыыллар.
«Маадай Хараҕа» Көҕүдэй Бэргэн өйө маннык ойууланар:
Кини хараҕа уот чолбон,
Түөһэ өйүнэн толору[30].
Түөһэ өйүнэн толору диэн ол аата өйдөөх, муударай. Былыргы алтаай дьоно өйдүүрүнэн, киһи өйө-санаата түөһүгэр түмүллэр эбит.
Ый кинигэтин таһааран,
Билии бичигин арыйан
Билиэ суоҕу билбит эбит,
Сэрэйиэ суоҕу сэрэйбит эбит:
Көҕүдэй Бэргэн
Күүһэ ордук — албыннаабыт,
Аба ордук — албастаабыт.
Барытын билэр бичиги
Ылан арыйа баттаата.
Ый ытык бичигин көрдө,
Алтан суругу ааҕан барда.
Эбэтэр хайа иччитэ:
«Кутум өркөн өйө,
Хараҕым сырдыга, — диэн Маадай Хара уола Көҕүдэй Бэргэн Хара куланы өйүнэн, албаһынан кыайарын, дьонун босхолуурун этэр.
- Одун Хаан, Чыҥыс Хаан — оҥоһуу-анал, туруктаах буолуу тускуллара.
Одун Хаан оҥорууну (киһи хайдах олорор тускулун) оҥорор, Чыҥыс Хаан ыйааҕы (олох олорор быраабы) биэрэр.
Дьиҥэр, анал диэн киһи хайдах олоруохтааҕын тосхол курдук эрэ буолбакка толорутук түмэн көрдөрөр. Ол иһин анал диэн тыл инникини өтө көрөн билиигэ олоҕурар.
Боотурдуу эпостарга киһи олоххо үрдүк анала кэпсэнэр. Олоҥхоҕо бухатыыр Орто дойдуга үрдүк аналлаах, ыйаахтаах түһэриллэр. Бу — Аан дойду саныыр санаата, өйүн өрөгөйө түмүллүбүт үгүс норуот Итэҕэлин үөрэҕэр бэлиэтэнэр сүрүн өйдөбүлгэ «киһи Орто дойдуга туох эрэ аналлаах, ыйаахтаах кэлэр» диэҥҥэ сөп түбэһэр.
Боотурдуу эпостарга бухатыырдар аналларын билэллэригэр ханна төрөөбүттэрэ эмиэ улахан суолталаах. Үөһээ дойдуга төрөөбүт бухатыырдар аналларын толору билэллэр, Орто дойдуга төрөөбүт бухатыырдар аналларын үксүгэр кимтэн эрэ ыйытан билэллэр.
«Ээй-ээй, эбэ эмээхсиним,
Аны миэхэ этэн кулу:
«Хара сур төбөтүн сиэлигэр ууруо», — диэн,
Ити тугу этэр тылый?
«Хара Кула төбөтүн сиэлигэр ууруо», — диэн,
Ити туох диэн этэҕиний?
Ээй-ээй, ама мин бэйэлээх
Ата суох буолуохтаахпын дуо?
Аҕата суох соҕотоҕун
Сурас[31] буолар аналым дуо?»
Онуоха эмээхсин эттэ:
«Күндү оҕом, барахсаным,
Барытын баарынан кэпсиим:
«Маадай Хара диэн эн аҕаҥ,
Алтан Тарҕа диэн эн ийэҥ,
Ээй-ээй, күндү оҕочоонум,
Хара Кула хаан обургу
Сири баһылаан олорор,
Сэттэ уон хааны хаайбыта,
Алтаай сиригэр тойоргуур,
Көлөһүнү супту уулуур.
Ата далайтан куттаммат,
Бэйэтэ кыргыстан чаҕыйбат.
Ата кырдьыбытын көрөн,
Аҕаҥ сүөһүтүн үүрбүтэ,
Аҕаҥ сааһырбытын билэн,
Дьонун күрэтэн барбыта.
Эн — Маадай Хара уолаҕын,
Аҕаҥ туһун иэстиэхтээххин.
Миинэр миҥэҥ сыыдам атыҥ —
Көп сиэллээх күөх көҕөччөр ат.
Маҥнай утаа бухатыыр уол хайа иччитэ эмээхсин «Аһыылаах тиистээх хара сур төбөтүн сиэлигэр ууруоҕа, улахан эрбэхтээх Хара Кула төбөтүн сиэҕигэр ууруоҕа» диэн тугу этэрин уол истэр да тугу этэрин өйдөөбөт, таайбат. Кэлин бухатыыр буолан ситэн-хотон, абааһы бииһин 99 албаһын ааһан, кыайан-хотон ийэтин, аҕатын, сылгытын-сүөһүтүн төрөөбүт Алтаайыгар төннөрөн аҕалыыта – бу кини төрүөҕүттэн анала буоларын өйдүүр.
Хайа да омук боотурдуу эпоһыгар эр киһи норуот көҥүлүн көмүскүүр, үтүө аатын үрдүктүк тутар анала этиллэр:
«Өспүт уоппутун күөдьүттүҥ,
Өлбүппүтүн тилиннэрдиҥ,
Сорбут-муҥмут түмүктэннэ,
Эрилик-бийтэн быыһаатыҥ.
Көҥүлбүтүн булуннубут.
Үтүөкэннээх албан аатыҥ
Үйэлэри уҥуордаатын!»
- Үрүҥ Айыы — айар дьоҕур тускула.
Үрүҥ Айыы үөскэтэр, айар күүһү төрүттээччи буолар. Олоҥхоҕо айыы дьонун саамай үрдүкү дьүүлдьүттэрэ Үрүҥ айыы Тойон эбит. Кини аналы оҥорор, дьылҕаны түстүүр. Атын айыылар, иччилэр киниэхэ көмөлөһөллөр.
Айыы Умсуур удаҕан саҥарар:
«Дьэ, бу, биэбэкэйдээх оҕокколорум! Мин этэр тылбын Өйдүөн истэн туруҥ эрэ! Э, дьэ, сэт-сэлээн ситтэҕэ буоллун, Охсуһуу, өлүү бөҕө үлтүрүйдэҕэ буоллун, Хааннаах хара дьай халтарыйдаҕа буоллун! Аҥардас харахтаах Абааһы аймахтарыттан арахсыҥ! Дьэ төрүүр оҕону уйалыы, Иитэр сүөһүнү күрүөлүү, Төрөл бэйэни төрүттүү олоруҥ! Орто аан ийэ дойдуга Саха киһи-сүөһү төрдө буоларга Оҥоһуллан, айыллан-кэрдиллэн түспүккүт!
|
Көҕүдэй Бэргэн:
«Сүөһүгүт ордук хойдубут, Аймах дьоҥҥут эбиллибит. Бииргэ дьаһанан олоруҥ, Бары иллээх кэргэн буолуҥ. Дойдубутун күөмчүлээбит Иҥсэлээх хааны өһөрдүм, Аллараа дойду ааттааҕын Эрилик-бийи самнардым. Үҥүү-батас тута сылдьар Өстөөх аны кэлиэ суоҕа. Аллараа дойдуга аны Эрилик-бий илдьиэ суоҕа. Ыйдаах-күннээх Алтаайга Эйэлээхтик олорооруҥ, Оҕо аймах элбээн истин, Дьоллоох-соргулаах дьон буолуҥ! Онтон бэйэм мэҥэ халлаан Сырдык сулуһа буолуоҕум, Олоххутун кэтээн көрүөм, Аллараттан көстөн туруом».
|
«Маадай Хара» эпоска Көҕүдэй Бэргэн «Сырдык сулус буолан мэҥэ халлааҥҥа көтөн хаалар уонна олоххутун кэтээн көрүөм, аллараттан көстөн туруом» — диэн этэрэ, бу кини орто дойду дьонун-сэргэтин, алтаай норуотун өйүттэн сүппэтэ, букатыннаахтык арахсыбата, үйэ-саас тухары кини үрдүк аата ааттана, турууласпыт үтүө олоҕо туругура, чэчирии турара этиллэр.
Саха уонна алтаай боотурдуу эпостарыгар сиэрдээх билии, киһи буолуу тускуллара туох да бу Орто дойдуга сырата-сылбата, дьулуура, дьаныара, үлэтэ суох ситиһиллибэтэ, үөрэҕи, ньыманы, сатабылы ылыныы, баһылааһын киһи олоҕор быһаарар суолталааҕа кэрэһэлэнэр.
Бу олукка сиһилэммит санаалары хомуйа тутан маннык түмүккэ кэлэбит:
- Хайа да омук боотурдуу эпоһа киһиэхэ өй-санаа логическай сайдыытын тэҥэ өссө интуитивнай таһым сайдыытыгар туһаайар кыахтаах. Чинчийээччилэр этэллэринэн, логическай өй-санаа дакаастыырга үөрэтэр, оттон арыйыылары оҥоруу интуицияҕа олоҕурар диэн. Ол аата оҕо 14-15 сааһыгар интуитивно билэр, сэрэйэр уонна ырытар дьоҕурдара сайыннахтарына кини чахчы саҥаны булар, билэр айымньылаах киһи, Айыы киһитэ буолар кыахтаах. Оҕо логическай уонна интуитивнай өйө-санаата дьүөрэлэһиитин билгэ билии диэн быһаарыахха сөп.
- Хайа да омук оҕо сайдыытыгар төрөөбүт ийэ тылын күүһүгэр тирэнэр. Хайа да норуокка боотурдуу эпос тыла-өһө, ис номоҕо оҕо тылын, толкуйдуур, анаарар, ырытар кыахтарын сайыннарар кыахтаах. Тыл нөҥүө айылҕаттан бэриллибит ийэ тыыны уһугуннарар тугунан да солбуллубат улуу күүс буолар.
- Хайа да омук боотурдуу эпоһын оҕону сайыннарыы киинин быһыытынан туһаныыта – эйгэни үөскэтии, кулгааҕы (истэр дьоҕуру), хараҕы (көрөр дьоҕуру) арыйыы, толкуйдуур (кэпсэтии, сэһэргэһии, санааны этии) дьоҕуру тобулуу ньымаларын иҥэрии буолар.
- Хайа да омук боотурдуу эпоһыгар киһи олоххо уһаарыллыыта бухатыырынан, баатырынан сирэйдээн сүрдээх чаҕылхайдык ойууланар. Саха уонна алтаай боотурдуу эпостарыгар көстөр сиэрдээх билии, киһи буолуу тускулларын тутуһан оҕо бэйэтин салайынар, сайыннарар өй-санаа .
[1]Жирмунский В.М. Тюркский героический эпос. Л: Наука, 1974.726 с.
[2]Пухов И. В. Героический эпос алтае-саянских народов и якутские олонхо. — Якутск: Изд-во СО РАН, Як. филиал, 2004. — 328 с.
[3]Окладников А. П. Якутский эпос (олонхо) и его связь с югом // История Якутской АССР. Т. 1. — М.-Л.: Изд-во АН СССР, 1955. — С. 257-277.
[4]Баскаков Н. А. Алтайский фольклор и литература. — Горно-Алтайск, 1948. — 352 с.
[5]Дьяконова В. П. Алтайцы (материалы по этнографии теленгитов Горного Алтая). -Горно-Алтайск, 2001. — 221 с.
[6]Каташев С. М. Поэтика алтайского героического эпоса // Фольклорное наследие народов Сибири и Дальнего Востока. — Горно-Алтайск: Алт. кн. изд-во, 1986. — С. 161-168.
[7]Суразаков С. С. Алтайский героический эпос. — Москва, 1985. — 503 с.
[8]Гоголева М. Т. К проблеме генетической связи якутского олонхо и малых алтайских сказаний // Якутский героический эпос — олонхо шедевр устного и нематериального наследия человечества в контексте эпосов народа мира: материалы Международной научной конференции, посвященной 120-летию П. А. Ойунского (Якутск, 18-20 июня 2013 г.). — Якутск: Издательский дом СВФУ, 2014. — С. 125-130.
[9]Ефремов Н. Н. Эпические формулы в олонхо (в сопоставлении с алтайским героическим эпосом «Маадай-Кара») // Эпосы народов мира: проблемы и перспективы сравнительного изучения: сб. тезисов по материалам Международной научной конференции (Якутск, 18-19 июня 2015 г.). — Якутск: Издательский дом СВФУ, 2015. — С. 14.
[10]Львова С.Д. Сравнения в якутском и алтайском эпосах (на материале олонхо «Могучий Эр Соготох» и кайчёрчёк «Маадай-Кара»). Вестник Северо-Восточного федерального университета имени М.К. Аммосова: Серия Эпосоведение, 2019.
[11]Борисов Ю. П. Основные черты параллелизма в якутском олонхо и в алтайском эпосе // Филологические науки. — 2013, № 11 (29). Ч. 2. — С. 44-50.
[12] Веселовский А.Н. Историческая поэтика. — М.: Высшая школа, 1989.
[13]Шодоев Н.А. Алтайская народная педагогика. Билик воспитания личности и обретения смысла жизни. Пособие по духовному самообразованию. – Барнаул : Алтайский дом печати. 2011. – 268 с.
[14]Шодоев Н.А. Алтайская народная педагогика. Билик воспитания личности и обретения смысла жизни. Пособие по духовному самообразованию. – Барнаул : Алтайский дом печати. 2011. – 268 с.
[15]Менгдеш Н, Курчаков Р.С. Алтайский Билик: древние корни народной мудрости России. Тау (Центр инновационных технологий), 2003. – 107.
[16]Н.А. Шодоев. Эмиэ онно.
[17]Н.А. Шодоев. Алтайская народная педагогика. Билик воспитания личности и обретения смысла жизни. Пособие по духовному самообразованию. – Барнаул : Алтайский дом печати. 2011. – 268 с.
[18]Каташ С.С. Мудрость всегда современна. Горно-Алтайск, 1984.124 с.
[19]Киндикова Н. М. Изучение алтайской литературы в школе. -Горно-Алтайск: Уч-Сумер, 1995. 110 с.
[20]Сананбасова Р.К. Народная педагогика алтайцев. Дисс. канд. пед. наук. СПб., 1993.- 217 с.
[21]Хайруллин Р.З. Научные основы и методика изучения литературы народов России в системе литературного образования учащихся национальных школ: Автореф.дис . д-ра пед. наук. СПб., 1999.
[22]Метреева Т.В. Изучение алтайского героического эпоса на уроках родной литературы в 5-9 классах школ Республики Алтай. Москва, 2005.
[23]Гоголева М.Т. Изучение героического эпоса олонхо в якутской школе. Якутск, 1999.
[24]Выготский Л.С. Психология развития ребенка. — М.: ЭКСМО, 2005. – С. 125.
[25] Леонтьев А.Н. Избранные психологические произведения: в 2 т. – М.: Наука, 1983. – С. 59.
[26] Выготский Л.С. Психология искусства. — М.: Искусство, 1965. – С. 299.
[27] Афанасьев Л.А. Олоҥхолорго киһи анала. Дьокуускай, 2000. – 96 с.
[28]Сүмэр Улуом (алт. Сүмер-Улом) — буддизм итэҕэлин кытта ситимнээх үрдүк хайа.
[29]Афанасьев Л.А. Олоҥхолорго киһи анала. Дьокуускай, 2000. – С. 29.
[30]Түөһэ өйүнэн толору (алт. кӧкси ойлу) — өйдөөх, муударай. Былыргы алтаай дьоно өйдүүрүнэн, киһи өйө-санаата түөһүгэр түмүллэ сылдьар.
[31]Сурас (алт.) — булумньу оҕо.
This post was published on 14.05.2021 11:15 11:15