Бэҕэһээ, кулун тутар 29 күнүгэр, Саха сирин Ытык сиригэр Дьааҥы оройуонун Киһилээх хайатыгар «Азия оҕолоро” VI-с норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай Оонньуулар Уотун уматтылар.
Аар айылҕа дьон көҕүн биһирээбиттии, өрөгөйдөөбүттүү туран биэрдэ. Быйыл, урукку сыллары кытта тэҥнээн көрдөххө, уоту ылыы уратылаах буолбутун олохтоохтор бэлиэтээтилэр. Ол курдук, улуус нэһилиэктэриттэн делегациялары ыҥыран, култуурунай бырагыраама киллэрэн биэрбиттэр.
Баатаҕайдааҕы оҕо исскуство оскуолатын уһуйуллааччылара маннык тэрээһиҥҥэ кыттаары Элгэскэ биир чаас оптуобуһунан айаннаан тиийдилэр. Салайааччылара Айталина Заборовская: “Оҕолор олус долгуйан туран хомустаатылар. Итиэннэ Дьааҥы айылҕатын кэпсиир оҕолор уруһуйдарынан быыстапка туруордубут», — диэн кэпсээтэ. Оттон Эҥээ нэһилиэгин Сайдыы култуура киинин дириэктэрэ Тамара Рожина салалтатынан “Иэйии” дьахталлар ырыа ансаамбыллара дойдуга таптал ырыаларын дьиэрэттилэр. “Кэлэктиип олус үөрдэ. Урут култуурунай өттө буолааччыта суох. Нэһилиэнньэни маннык дириҥ ис суолталаах тэрээһиҥҥэ кытыннарбыттарыгар олус долгуйдубут. Оннооҕор саамай уһук сытар Суордаахтан кэлбиттэр. Ытык сиртэн уоту саҕан илдьэ барыылара, суол арыллыытын түстүүр. Биһиги оннук үтүө күҥҥэ кыттыбыппытынан киэн туттабыт”, — диэн санаатын эттэ салайааччы.
Уот ылыллыбыт Киһилээх хайата Элгэстэн бу көстөн турар. Онон бу 300-тэн эрэ тахса нэһилиэнньэлээх сир олохтоохторугар тэрээһин ыытыллыыта үс бүк үөрүүлээх буолла. “Уоту уматыыга биһиги оҕобут, оскуола 3-с кылааһын үөрэнээччитэ Антон Анохин кыттыыны ылла. Дьон-сэргэ бу тэрээһин суолтатын өйдүүр буолан, бары кытынныбыт. Былыр былыргыттан Саха сирин энергетическэй киининэн биллибит Киһилээх Хайатын ураты айылҕатын өйдөөн, улахан суолталаах Оонньуулар уоттарын ылыы сиэрин-туомун биһиэхэ ыыталлара, биһиэхэ улахан эппиэтинэһи сүктэрэр”, — диэн Элгэстээҕи сынньалаҥ киинин дириэктэрэ Туйаара Малькова СИА-ҕа кэпсээтэ.
«Азия оҕолоро» Оонньуу бастакы уотун уматыыга кыттыыны ыллылар СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Соловьев, СӨ спорт миниистирэ Михаил Гуляев, Олимпийскай чөмпүйүөн Павел Пинигин, Олимпиады боруонса призера Георгий Балакшин, Паралимпийских оонньуулар үрүҥ көмүс призера Владимир Балынец уо.д.а.
Уот салгыы Эбээн-Бытантай оройуонугар айаннаата. Эстафета уопсайа 194 нэһилиэнньэлээх пууну хабыа, 450 тыһ.киһи кыттыыны ылыа. Факелы 1740 сүүрүк бэйэ-бэйэлэригэр бэрсиһэн, 100 хонугунан Дьокуускай куоракка аҕалыахтара.