Киһи өлүүлээх суол саахала таҕыста

Хаартыска СӨ Суолу кэтээн көрөр судаарыстыбаннай иниспиэксийэтиттэн

Балаҕан ыйын 10 күнүгэр, киэһэ 19:00 ч. саҕана «Бүлүү» федеральнай айан суолун 60 км  суол саахала таҕыста.

Сабаҕалаан быһаарыынан, «Тoyota Spacio» мааркалаах массыына суоппара Дьокуускай куораттан Горнай улууһун диэки айаннаан иһэн, утары иһэр массыына суолугар тахсан,  ыарахан  уйуктаах FAW массыынаны соһон испит «Volvo FM Truck» грузовой массыынаны кытары харсыспыт.

Суол быһылаанын түмүгэр иномарка суоппара эт-хаан ыарахан эчэйиитин ылан, сонно тута өлбүт. «Volvo FM Truck» массыына суоппара төбөтүн эчэтэн суһал көмө биригээдэтинэн балыыһаҕа киирбит. Оттон олорсон испит киһи эмсэҕэлээбэтэх.

Саахал тахсыбыт сиригэр Суолу кэтээн көрөр судаарыстыбаннай сулууспа силиэстийэлиир-суһал бөлөҕө үлэлиир. Суол быһылаана тахсыбыт төрүөтэ чопчуланар диэн СӨ Суолу кэтээн көрөр судаарыстыбаннай иниспиэксийэ иһитиннэрэр.

Сайаана Львова, Саха сирэ

This post was published on 11.09.2023 10:03 10:03