Маҕанныыр суолга буолбут, икки киһи олоҕун быспыт дьулаан быһылааны таһаарбыт суоппарга холуобунай дьыала тэрилиннэ.
Бэс ыйын 12 күнүгэр Cadillac Escalade массыынаны ыытан испит итирик суоппар утары айан суолугар тахсан биэрбитин түмүгэр Toyota Succeed массыынаны кытта харсыспыта. Күүстээх охсууттан Toyota Succeed Toyota Allion массыынаҕа тиийэн түспүтэ.
Быһылаан түмүгэр Toyota Succeed суоппара уонна кинини кытта олорсон испит дьахтар сонно тута өлбүттэрэ.
Утары айан суолугар тахсан биэрбит суоппар туругу быһаарар медицинскэй туоһуну барартан аккаастаммыта. Силиэстийэлиир управление холуобунай дьыала 264 ыстатыйатын 6 чааһынан холуобунай дьыаланы тэрийбитэ. Бу ыстатыйаҕа ыйылларынан, 9 сылга диэри көҥүл хаарчахтаныан сөп.
Быһылаан буолбут күнүгэр суут иэдээни оҥорбут эр киһи көҥүлүн күөмчүлээбитэ. Онон кини билигин силиэстийэлиир изоляторга баар.
This post was published on 17.06.2016 12:43 12:43