Россия тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр иһитиннэрбиттэринэн, быйылгыттан «самозанятай» статус ылыммыт кэтэх хаһаайыстыбалаахтар оҥорон таһаарар бородууксуйаларыгар ороскуоттарын сорох чааһын сабыыга харчы ылыахтарын сөп.
Субсидияҕа киирсэр кэтэх хаһаайыстыбалаахтар хайысхалара:
— аһаҕас сиргэ оҕуруот аһын олордуу,
— хортуоппуй,
— үүт ас,
— эт ас,
— козаны уонна барааны иитии.
Субсидия кээмэйэ регион салалтатынан бигэргэнэр.
Маны сэргэ быйылгыттан ЛПХ-лартан үүттэрин-эттэрин атыылаһан ылар тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччылар, итиэннэ ЛПХ-ларга табаар иһин абаанса биэрээччилэр эмиэ субсидия ылыахтарын сөп.
#объясняемрф
This post was published on 14.04.2022 11:01 11:01