Россия тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ кэтэх хаһаайыстыбалаах дьон чэпчэтиилээх кирэдьиитинэн туһаналларыгар боппуруоһу дьүүллэһэр.
2022 сылтан кэтэх хаһаайыстыбалаахтар ороскуоттарын сабыныыларыгар субсидиялары туһаныахтарын сөп. Ону таһынан, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ ЛПХ-лары чэпчэтиилээх кирэдьиитинэн туһаныы бырагырааматыгар киллэрэри былаанныыр. ⠀⠀⠀⠀⠀⠀⠀⠀⠀
Биэдэмистибэ билигин фермер уонна атыы-эргиэн ситимнэрэ быһа дуогабардарынан бородууксуйаны тарҕатар кыахтарын улаатыннарарга үлэлэһэр.
Кэтэх хаһаайыстыбалаахтар судаарыстыбаттан көмө ылыахтаахтарын туһунан РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин этэн турар. Кини Россия ырыынагын бэйэ оҥорон таһаарар бородуускуйатынан толорор туһунан уураахха сыл саҥатыгар илии баттаабыта. Докумуоҥҥа олоҕуран «самозанятай» статус ылбыт кэтэх хаһаайыстыбалаахтар субсидиянан туһанар бырааптаахтар.
⠀⠀⠀⠀⠀⠀⠀⠀⠀
Маннык көмө олохтоох оҕуруот аһын, үүт-эт бородууксуйатын дэлэтиигэ олук буолуохтаах.
This post was published on 16.02.2022 15:01 15:01