24 Сэтинньи 24.11
  • -26°
  • $ 102,58
  • 107,43

Кэскилбитин иитиигэ ханнык кыһалҕалар баалларый?

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өбүгэлэрбит оҕоҕо ураты истиҥник, кыһамньылаахтык, куттарын-сүрдэрин биэрэн сыһыаннаһаллара, харахтарын харатын курдук харыстыыллара. Оттон билигин, сайдыылаах үйэҕэ кэскиллэрбитин иитиигэ ханнык кыһалҕалар, итэҕэстэр, үтүө өрүттэр баалларын туһунан парламентарий дьахталлары кытта кэпсэтэ сырыттыбыт.


Сүрүн итэҕэстэргэ тохтоотоххо

Зоя Корнилова, Госдума иккис ыҥы­рыытын, РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин, Ил Түмэн үһүс, төрдүс ыҥырыыларын дьокутаата:

— Оҕо иитиитэ диэн олус уустук боппуруос. Билиҥҥи кэмҥэ саамай улахан кыһалҕанан итиннэ оскуо­лаҕа үөрэ­тии бырагыраамата уларыйбыта буолар. Манна төттөрү барыы, мөлтөөһүн баар.

Ааспыт 2019 сыллаахха Англия урукку сэбиэскэй оскуола бырагырааматынан үөрэхтээһини киллэрэр туһунан дьаһал ылыммыта. Оттон биһиги, сайдыылаах судаарыстыба, ылыммыт үөрэхтээһиммитин умнан кэбистибит.

Итини таһынан оҕолор, этэргэ дылы, саҥа күн сирин көрөөт да, гаджекка умньаммытынан бараллар. Сыыппаранан сайдыы үчүгэй уонна куһаҕан өрүттээх. Оҕону үүннээбэтэххэ-тэһииннээбэтэххэ, гаджекка хам хатаммыт кырачаан киһи кыайан сайдыбат. Өйгө тутар дьоҕурдара намтыыр, истибиттэрин-көрбүттэрин тута умнан кэбиһэллэр. Кэлин киэҥник-дириҥник толкуйдаабат, ырыппат буолан хаалаллар.

Билигин наука сыыппара содулун үөрэтэ сылдьар. Оҕо мэлдьи гаджетынан туттар, оонньуур буоллаҕына, аутизмҥа тиийиэн сөптөөҕүн туһунан учуонайдар этэллэр.

Маны таһынан оҕону төрөөбүт тылынан хайаан да үөрэтиэхтээхпит. Биһиги сахабыт тыла үөрэтэргэ наһаа судургу буолбатах. Ордук сахалыы үөрэтэр дьааһылалар уонна уһуйааннар суох буоллахтарына, ити боппуруос ордук сытыырхайар. Ол кэнниттэн оҕо оскуолаҕа киирэн төрөөбүт тылын үөрэтэригэр улахан ыарахаттары көрсөр. Онон сахалыы тыллаах уһуйааннар баар буолуохтаахтар. Төрөөбүт тыл киһи салгыы олороругар, үүнэригэр-сайдарыгар код курдук буолар. Бу боппуруоһу түргэнник быһаарбатахпытына, биһиги кэскилбитин сарбыныахпытын сөп.

Билигин саамай сэрэхтээҕэ уонна кутталлааҕа — төрөөбүт тылы төрөппүт баҕа өттүнэн талар буолла. Төрөппүт ханнык тылы талбытын, сайабылыанньаҕа суруйбутунан оҕо үөрэнэр. Маны киитэрэйдээһининэн ааҕабын. Үгүстэр оҕолоругар төрөөбүт тылы үөрэттэрэллэриттэн аккаастанан кэбиһэллэр. Дьиҥэ, оҕо бэйэтэ личность буоллаҕа. Кини оннугар атын киһи быһаарыа суохтаах. Маны таһынан оҕоҕо төрөөбүт тылын үөрэтэрбит, ийэ-аҕа уонна биһиги, бары — булгуруйбат иэспит буолар. Судаарыстыбаннай тыллары үөрэхтээһин сүрүн бырагырааматыгар киллэрэн, оҕоҕо булгуччу үөрэтиэхтээхпит. Оҕоҕо төрөөбүт тылын билэригэр төрөппүт уонна судаарыстыба усулуобуйа тэрийиэхтээх. Бу туһугар күүскэ үлэлиэхтээхпит, охсуһуохтаахпыт.

Оҕо тылы үөрэтэрин харгыстыылларын, мэһэйдииллэрин кыайан өйдөөбөппүн. Төһөнөн элбэх тылы билэбит да, мэйииҥ үлэтэ түргэтиир, ыырыҥ кэҥиир. Оттон төрөөбүт тылы билии киһиэхэ бигэ тирэх, харысхал буолар. Атын омук тылларын, култуураларын билиэҥ, оттон бэйэҥ ийэ тылгын билбэт буоллаххына, эйигин ылыналлара уустуктардаах. Оҕону иитиигэ сүрүн итэҕэстэр тустарынан  эттэххэ итинник.

Талааннара тахсарыгар усулуобуйа баар

Альбина Поисеева, Ил Түмэн иккис, үһүс уонна төрдүс ыҥырыыларын дьокутаата:

— Оҕолор аныгы технологияларга, тэриллэргэ аһара сыстаҕастар, сайдыылаахтар. Олох кыра эрдэхтэриттэн барытын билэллэр-көрөллөр. Онно эбэлэрин-эһэ­лэрин, тө­рөп­­пүттэрин үөрэ­тэл­лэр.

Итини таһы­нан эр­гиччи сайдалларыгар, талааннара, дьо­ҕурдара тахсал­ла­рыгар усулуобуйа бөҕө баар. Араас куруһуоктар бөҕө үлэлииллэр.

Кэлиҥҥи кэмҥэ оҕо физическэй, эт-хаан өттүнэн наһаа мөлтөөтө. Хамсаныы-имсэнии суоҕун кэриэтэ. Бу оҕону иитии биир сүрүн итэҕэһин быһыытынан сыаналыыбын. Итинтэн кырачаан киһи доруобуйата айгырыыр. Салгыы үүнэригэр-сайдарыгар мэһэйдэри көрсөр. Гаджекка, компьютерга хам хатанан баран олоруу баар көстүү. Манна оҕолор эрэ буолбакка, улахан дьон эмиэ ыллардылар. Урукку курдук суруйсуу, кэпсэтии диэн суох буолла. Оҕолорбутун эмиэ сол курдук иитэбит. Ол эрээри аныгы технологиялар үтүө өрүттэрэ эмиэ бааллар буоллаҕа.

Итинтэн хайдах гынан босхолонорбутун сатаан санаабаппын. Кэлин долоҕойбутугар оҕустаран, арааһа, тохтуурбут буолуо. Арааһа, маннык кэми ааһыахтаахпыт буолуо. Улахан экраҥҥа киинэни көрбөт буолан баран, төннүбүппүт курдук. Кумааҕы кинигэҕэ, хаһыаттарга уонна сурунаалларга төннүөхпүт дии саныыбын. Урукку көлүөнэлэр сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри таһырдьа оонньуурбут, сүүрэрбит-көтөрбүт. Онон үгүспүт эт-хаан өттүнэн сайдыылаах.

Кэлэктиип тыыныгар иитии үлэтэ эмиэ мөлтөх. Бэйэҕэ бүгүү баар. Үгүстэр бэйэлэрин иннилэрин эрэ көрүнэр буоллулар.

Үлэнэн иитии суох

Федора Захарова, Ил Түмэн иккис ыҥырыытын дьокутаата:

— Билиҥҥи кэмҥэ оҕону иитии үтүө өрүтүнэн оҕо билиини-көрүүнү ыларыгар, үүнэригэр-сайдарыгар усулуобуйа барыта баар. Оттон итэҕэс өрүтүгэр тохтоотоххо, бастатан туран, үлэнэн иитии суох. Үлэ киһиэхэ туох да куһаҕаны оҥорбот. Кырдьык, оҕолорбутун аһара хараанныырбыт, тугу да гыннарбаппыт баар суол. Үлэ киһини ыстаал курдук хатарар, тулуурдаах, дьулуурдаах оҥорор. Аныгы дьалхааннаах үйэҕэ киһи ис туруга олус улахан суолтаны ылар. Ол курдук, бөҕө-таҕа доруобуйалаах, холку эрэ дьон астына олорор кэмнэрэ кэллэ. Өй-санаа олус түргэнник сайдар, оттон эт-сиин, ис турук мөлтүүр. Ити хаачыстыбалары сайыннарарга оҕо эрдэхтэн үлэҕэ эриллии улахан көмөлөөх.

Төрөппүттэр сололоро суоҕуттан оҕоло­ругар болҕомтолорун ууруулара биллэрдик аччаата дии саныыбын. Оскуолаҕа буоллун, дьиэлэригэр буоллун кырачааннарбытын мөҕүү-этии, хааччахтааһын элбээтэ. Урукку өттүгэр оҕолору иитиигэ итинник көстүү аҕыйаҕа. Мантан кинилэр личность быһыытынан сайдыыларыгар охсууну ылыахтарын сөп. Мөҕүллүөм диэн өрүү куттана, сэрэхэдийэ сылдьар оҕоттон хайдах киһи улаатыаҕын бэйэҕит толкуйдаан көрүҥ. Көҥүл санаалаах дьон элбэҕи оҥороллоро, айаллара-туталлара баар суол.

Аны сорох төрөппүттэр оҕо эппитин барытын толоро сатыыллар. Итинтэн кырачаан киһи тугу да сыаналаабат, аанньа ахтыбат буола үөрэнэр. Оҕо фантазията да сайдыбат.

Туох барыта тэҥнэбилгэ көстөр

 Марфа Филиппова, Ил Түмэн бэһис ыҥырыытын дьокутаата:

— Туох барыта тэҥнэбилгэ көстөн кэлэр. Бэйэбит көлүө­нэбитин хайдах ииппиттэрин кытта билиҥҥи, аныгы кэми кытта тэҥнээн көрөбүт. Ол курдук, билиҥҥи кэмҥэ оҕону иитиигэ урукку үтүө үгэстэр уонна сыаннастар тутуһуллар буоллахтарына, сөптөөх суолунан-ииһинэн, хайысханан баран эрэбит диэн сыаналыам этэ.

Оҕо иитиитэ дьиэ кэргэнтэн саҕаланар. Үөһэ этэн аһарбыппын тутуһар ыаллар оҕолоро, биллэн турар, үтүө дьон буола үүнэн тахсаллар.

Билигин олох тэтимэ наһаа түргэтээтэ. Төрөппүттэр олох иллэҥ кэмнэрэ суох буолан хааллылар. Дьиэ кэргэн бииргэ түмсэн кэпсэппэт, санаа атастаспат да буолан хааллылар. Итинник ыал түмсүүтэ оҕону иитиигэ улахан сыаннас эбит. Эбээлэр уонна эһээлэр бу итэҕэһи ситэрэ сатыыллар.

Оҕону кыра эрдэҕиттэн ийэ-аҕа дьарык­тааһына аччаата. Ытаары гыннахтарына, төлөпүөнү туттаран кэбиһэллэр. Улаатан эрэр оҕолор уруоктарын ааҕалларын хонтуруоллаабаттар. Дьиҥэ, оҕо төрөппүттэрин көрөн-истэн, барыга-бары үөрэнэр, уһуйуллар. Куруук ыксыыр, оҕолоругар болҕомтолорун кыратык уурар төрөппүттэри көрөн, кырачаан киһи туохха үөрэниэй? Ол эрээри, иитии-үөрэтии урукку үтүө үгэстэрин тутуһар ыаллар  эмиэ бааллар.

Источник: http://www.sakhaparliament.ru/sa/beliitike/il-tumenne/274-keskilbitin-iitiige-khannyk-ky-al-alar-baallaryj

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА