Кэрийэ сылдьан, сылы быһа уорбут: Кини дьайыыларыттан барыта 22 киһи эмсэҕэлээбит

Тутуллубакка, сыыйа «амтаһыйан», букатын най баран, таах кэрийэ сылдьан, уоруунан «ааһан иһэн» дьарыктаммыт. Ол эрээри, хаһааҥҥа диэри оннук күннүү-күөнэхтии сылдьыай! Кини да тутуллубут, дьыалата силиэстийэлэммит, суут бириигэбэрэ тахсыбыт.


Ол курдук, Дьокуускай куорат федеральнай суута киин куорат 17 саастаах олохтооҕор бириигэбэр таһаарбыт.

Суут быһаарбытынан, бу быр-бааччы олохтоох толору дьиэ кэргэҥҥэ улааппыт оҕо сыл устатыгар уоруунан дьарыктаммыт. 2015 сыл сэтинньи ыйын 23 күнүттэн 2016 сыл сэтинньи 4 күнүгэр диэри кэм иһигэр Манчаары Баһылай аатынан «Модун» спорт национальнай көрүҥнэрин киинин, «Олимп» спортивнай-чэбдигирдэр кулууп, «ProFit», «Sta-Fit Gym», «Statika», «Fresh» фитнес-кииннэрин, «Спартак», «KACHOK GYM», «Athlete» тренажернай саалаларын, «Эллэй Боотур» спортивнай комплекс, «Мыльня», «Дядя Баня», Сайсары уонна Аппа Уҥуор баанньыктарын, «Чолбон» бассейнын сыгынньахтанар сирдэригэр 20 уорууну таһаарбыт.

Дьон сыгынньахтанар сиргэ кабинкаларын аанын саппакка хаалбытынан туһанар эбэтэр бэйэтэ сөп түбэһэр күлүүһүнэн аһан уорар эбит. Харчылаах портмонеттан саҕалаан, суотабай төлөпүөнүгэр, таҥаска тиийэ.

Уоруйах дьайыыларыттан барыта 22 киһи эмсэҕэлээбит, хоромньу уопсай суумата 527 тыһ. солк. тахсыбыт. Итинтэн уоруллубут малларын төннөрүү түмүгэр, 181.563 төлөммүт.

Урут да уорууга түбэһэн сууттана сылдьыбыт уолга эдэрин, буруйун толору билинэрин, үөрэнэр сириттэн үчүгэй характеристикалааҕын, биир буруйун бэйэтэ билинэн кэлбитин учуоттаан, суут 4 сыл 6 ыйга усулуобунай миэрэни анаата.

Ол эбэтэр, бу болдьох иһигэр атын буруйу оҥордоҕуна, ирдэниллэр бэрээдэги да кэстэҕинэ, ити болдьоҕор күлүүстээх хаайыыга барыан сөп.

Бириигэбэр сокуоннай күүһүгэр киирэ илик. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

edersaas.ru

This post was published on 13.04.2017 16:00 16:00