«Кэрэни көрбүт» уус-уран киинэ «Золотой орел» бириэмийэҕэ номинацияланна

Арассыыйа киинэ ускуустубатын уонна билимин Академията  ”Золотой орел” бириэмийэҕэ номинацияламмыт киинэлэр уһун испииһэгин (лонг-лист) таһаарда.

“Бастыҥ уус-уран киинэ” категорияҕа 38 лиэнтэ киирдэ, олортон биирдэстэрэ “Кэрэни көрбүт” Люба Борисова устубут уус-уран киинэтэ буолбут.
“Золотой орел” бириэмийэни туттарыы тэрээһинэ 2024 сыл тохсунньу 26 күнүгэр “Мосфильм” дьиэтигэр буолуоҕа.

Саха сирэ

This post was published on 24.10.2023 10:16 10:16