22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Кэрэхсэбили, сэргээһини ылбыт кэрэ эйгэтэ «Үргэл» Арт-галереяҕа аһылынна

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өбүгэлэрбит ааспыт үйэлэргэ олохторун кинилэр тутта сылдьыбыт иһиттэринэн-хомуостарынан, таҥныбыт таҥастарынан, дьиэ-уот ис бараанын тэриллэринэн сирдэтэн «оннук эбит, маннык эбит» диэн сыаналыыбыт. Анааран көрдөххө кинилэри тулалыыр барыта ойуу-бичик тылынан быстыбат ситимнэнэн кэлбит.

Өбүгэлэрбит кэрэҕэ-үтүөҕэ тардыһыыларын ойуу-бичик тылын сиэдэрэйдээн, симээн, өҥ-дьүһүн дьүөрэтин дьүөрэлинэн дьикти турукка киириилэрин түмүгэр ойуу бэйэтэ туһунан тыллаах-өстөөх, киһи аайы арыллыбат кистэлэҥнээх. Ол кистэлэҥи арыйар улуу дьоммут худуоһунньуктар буолаллар дии саныыбын. Дэлэҕэ даҕаны ойуулуур тыл – уруһуй күүһүнэн тулалыыр эйгэни ойуулаатахха «уу, олох көрөн, тутан олорор курдук хоһуйбут» диэхтэрэ дуо?!?

Бэҕэһээ биһиги Дьокуускай куоракка «Үргэл» АРТ-ГАЛЕРЕЯҕа «Арктика.Мин айаным» диэн ааттаах РФ, СӨ худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнин, СӨ норуодунай худуһуонньугун, РФ үтүөлээх худуоһунньугун, СӨ искусстволарын үтүөлээх диэйэтэлин, САССР комсомолун бириэмийэтин лауреатын, «Үргэл» АРТ –ГАЛЕРЕЯ дириэктэрин Спиридонов Юрий Васильевич тус быыстапкатын аһыллыытыгар сылдьан, дьикти уйан, уран турукка киирдибит.

Биир дойдулаахпыт, бииргэ үлэлиир кэллиэгэбит, учууталбыт, салайааччыбыт кырдьыга да ай уонна дьай диэн туругу кыайа туппут үтүөкэн да киһи эбитин өссө төгүл бигэргэттэ. Ол курдук, кинини ойуулуур-дьүһүннүүр искусство маастарын эрэ курдук көрөр, сыаналыыр тутах буоларын илэ-чахчы итэҕэйдибит. Кини төрөөбүт төрүт дойдутун кэрэтин, үлэһит дьонун олоҕун эрэ буолбакка муҥун, кыһалҕатын – цивилизацияттан бааһырбыт туундаратын аан дойду киэҥ киэлитигэр, куҥкунуур куйаар түгэҕэ көстүбэт дириҥ эйгэтигэр ойуулуур-дьүһүннүүр искусство – живопись, графика нөҥүө тиэрдэр үрдүк соругун чиэстээхтик толорбут киһи буолар.

Юрий Васильевич Арктика туһа диэн баран дойдулар икки ардыларынааҕы Юнеско «Арт Арктика» диэн бырайыагын чэрчитинэн төһөлөөх элбэх таһаҕаһы таһан, төһөлөөх элбэх кумааҕыны, докумуону толорон, көҥүлү ылан атын регионнар худуоһунньуктарын үлэлэрин сүгэн-көтөҕөн быыстапкалары оҥортообутун аҥардас быыкаатык быһа тардан кэпсээһинтэн истэн уһуутаатыбыт, үөһэ-аллараа тыынныбыт. Ол тухары кини хайа да түгэҥҥэ кэннин диэки биир хардыыны оҥорбокко, сымыһаҕы быһа ытыран туран иннин эрэ диэки айаннаабытын түмүгэр төрүт омуктар олорор олохторун туһунан төһөлөөх элбэх киһи билбитэ буолуой…

Кини өссө биир уратыта алтыһыыга куруутун аһаҕас, көмөлөһөргө мэлдьи бэлэм, киниэхэ тойон-хотун, боростуой киһи диэн араарыы суох. Көмө, тирэх, өйөбүл диэн суолтаҕа Юрий Васильевичка кимнээх махтаннылар? Ол кини үөрэнээччилэрэ, кэллиэгэлэрэ, биир эйгэҕэ буһуу-хатыы оскуолатын ааһар эдэр да, саастаах да худуоһунньуктара, «наивнай искусство» бэрэстиибэтэллэрэ, анал үөрэхтээх живописецтар, графиктар, ол кини көҕүлээһининэн, өйөбүлүнэн бииртэн биир үрдүк үрдэллэргэ үктэммит биир идэлээхтэрэ. Юрий Васильевич сүрдээх дириҥ, киэҥ билиилээх, киэҥ көҕүстээх буолан, олох хайа баҕарар эйгэтин киһитин кытта биир таһымҥа кэпсэтэр-сэһэргэһэр кыахтаах. Кинини кытта биир тылы булаллар — корреспонденнар, анал үөрэхтээх искусствоведтар, салайааччылар, «наивнай искусство» бэрэстиибэтэллэрэ, устудьуоннар, артыыстар, аҕам саастаахтар, эдэр-эмэн дьон. СӨ худуоһунньуктарын сойууһун бэрэссэдээтэлинэн үстэ (!) талыллыбыта да элбэҕи кэпсиир.

Бүгүн убаастыыр, ытыктыыр киһибитин Ил Түмэн, Дьокуускай куораттааҕы Дууматын дьокутааттара, Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтэ, Хотугу омуктар уонна Арктика сайдыытын минитиэристибэтэ, А,Е,Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин, ыаллыы олорор Норуот айымньыларын Өрөспүүбүлүкэтээҕи дьиэтин, Дьокуускай куорат култуураҕа уонна духуобунаска управлениета, Дьокуускай куорат норуот айымньытын киинин кэлэктиибин, идэлээх сойууһун, Хатастааҕы «Тускул» КК төрөөбүт төрүт дойдутуттан Анаабырын оройуонун олохтоохторун аатыттан эҕэрдэлээтилэр, махтал сурук туттардылар, бэлэх биэрдилэр.

Юрий Васильевич айар эйгэтин элбэхтэ суруйбуттара, сырдаппыттара онон манна ону хатылаабаппын. Арай биир түгэни туһулаан кэпсээн ааһыахпын баҕарабын. Быйылгы быыстапка сирэйэ буолбут киин хартыынатын прототиба – Евдокия Туприна бу тэрээһиҥҥэ баара туһугар истиҥ, иһирэх, сылаас, сырдык тыыны киллэрдэ. Эдэркээн долганка төрүт дьонун национальнай таҥаһын кэтэ сылдьара кыраһыабайын, кэрэтин кытта омугар бэриниилээх буолууну, төрүт дьонун убаастыырын көрдөрдө.

Юрий Васильевич салайааччы быһыытынан төрүт култуура сайдыытыгар кыһалларын, өйдүүрүн-өйүүрүн биир чаҕылхай туоһута «Тускул» КК буолар. Ол курдук хатастар «Үргэлгэ» дьиэ-кэргэнинэн – Ефремовтар, «Хатассы рисует» бырайыак чэрчитинэн уонна норуот айымньытын араас хайысхатын оҥоһуктарынан туруоруллубут быыстапкалар бэрт сэргэхтик ааспыттара буолар. Бу тэрээһиннэр түмүктэрэ кэнники үс сылга Хатаска икки норуот маастара, түөрт норуот оҥоһуктарын маастара, икки Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэттэрэ баар буоллулар. Онон биһиги хатастар киниэхэ махталбыт муҥура суох.

Тэрээһини Юрий Васильевиһы кытта өр сылларга бииргэ алтыспыт, үлэлээбит, тэрийсибит Л.К.Андреева наһаа истиҥ иһирэх тыллардаах, сырдык сылаас этиилэрдээх ыыппыта туһугар бэйэтэ туспа кэрэ эйгэтэ буоллаҕа. «Үргэллэр» биир дьиэ-кэргэн курдук эйэлээх кэлэктиип буоланнар ил-эйэ тыына киирээти кытта баара эмиэ туспа кэпсээн.

Ааптар: Наталья Руфова, Хатас – Дьокуускай.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА