"Кэрэ ситимэ" үҥкүү устуудьуйата ыарыһах оҕоҕо көмөлөстө

Олоххо көхтөөх көрүүлээх ийэлэр кыргыттарын кытта Тимур эмтэнэригэр көмөлөһөр аһымал акцияҕа кытыннылар. «Россия ийэлэрэ» уопсастыбаннай тэрилтэ уонна «Instamama» бөлөх тэрийдэ. Киирбит үбүнэн уолчаан доруобуйатын бөҕөргөтөрүгэр аналлаах велосипед атыылаһыахтара.


«Кэрэ ситимэ» бырайыак кыттыылаахтара нарын вальсы уонна тэтимнээх джайв үҥкүүнү толорон көрөөччүлэргэ сырдык үөрүүнү бэлэхтээтилэр. Бырайыак көҕүлээччилэрэ уонна салайааччылар Виктория Варламова-Контоева уонна Екатерина Романова устуудьуйа үлэтин туһунан билиһиннэрдилэр. «Дьиэ кэргэҥҥэ биир интэриэстээх сынньалаҥ ийэни уонна оҕону бэйэ-бэйэлэригэр болҕомтолоох, амарах буоларга үөрэтэр, итиэннэ оҕо уонна төрөппүт ситимин күүһүрдэр», — диэн кэпсээтилэр кинилэр.

«Кэрэ ситимэ» устуудьуйа оҕону иитэр уонна төрөппүт эппиэтинэһин үрдэтэр бырайыагын улуустар өйөөн эрэллэр. Соторутааҕыта Горнай улууһун Маҥырас нэһилиэгэр устуудьуйа бастакы салаата арыллыбыта. Уус алданнар кыттыһарга бэлэмнэрин туһунан биллэрбиттэр. Бырайыак федеральнай СМИ-лэр интэриэстэрин тарта, итиэннэ дойду тас өттүгэр олорор сахалар сэҥээрдилэр.

«Кэрэ ситимнэрэ» акцияҕа кэлбит ийэлэри оҕолорун кытта үҥкүүгэ ыҥырдылар. Үҥкүү дьарыга оптуорунньук уонна чэппиэр аайы Дьокуускай куорат 26-с №-дээх оскуолатын балетнай кылааһыгар тэриллэр.

This post was published on 26.04.2016 10:48 10:48