Кэрэ буолуу кииниттэн реанимацияҕа киирбит дьахтар өйүгэр кэллэ

Кэрэ буолуу кииниттэн суһал медицинскэй көмө киинигэр ыараханнык ыалдьан кэлбит дьахтар уһугунна. Эмсэҕэлээбит дьахтары билигин эмчиттэр кэтээн көрөллөр диэн СИА-ҕа кэпсээтилэр.

Санатан эттэххэ, бэс ыйын 2 күнүгэр 44 саастаах Дьокуускай куорат олохтооҕо дьахтар кэрэ буолуу киинигэр процедураҕа кэлбит. Косметологическай өҥөнү оҥорор кэмнэригэр дьахтар доруобуйалара биллэ мөлтөөбүт. Кинини ыарахан туруктаах балыыһаҕа киллэрбиттэр.

«Билигин РФ ХК 1 ч. 238 ыстатыйатынан анал процессуальнай бэрэбиэркэ саҕаланна», — диэн Саха сирин следкома иһитиннэрдэ.

This post was published on 07.06.2022 18:01 18:01