Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтигэр аатырбыт «Чап уустара» музей баар. Тэрилтэ кылаабынай үлэһитэ Анна Алексеева иһитиннэрбитинэн, нэһилиэк историятын чөл хаалларыыга элбэх үлэ ыытыллар. «Музейбытыгар 1941-1945 сыллардааҕы Аҕа дойду улуу сэриитин кэпсиир экспонат элбэх. Уоттаах сэрии кэмигэр олох-дьаһах, дьон историята барыта хайдах баарынан быһаарыллыан наада. Онон экспонаттары үөрэтии салҕанар«, — диир кини.
Экспонаттар кэпсииллэринэн, «Чап уустарын» кытта дойдубут икки Сэбиэскэй Сойуус дьоруойа алтыспыт. 60-с сыллар ортолоругар Михаил Иванович Быковскай миэстэтигэр ыалдьыттаабыт. Оччолордооҕу оҕолор ону өйдүүллэр, иһитиннэрии да элбэх.
Онтон иккис дьоруой биллибэт.
«Музейбытыгар биир дьикти экспонат баар. Олунньу 16 күнүгэр 1968 сыллаахха: «Пионерам Кентикской восьмилетней школы. Поздравляю с днем 50-летием Советских вооруженных сил. Желаю вам быть дружными, любознательными, старательными и хорошо учиться. Летчик-истребитель, участник ВОВ с 1943 по 9 мая 1945 года Герой Советского Союза ….» диэн бэлиэтээһин баар. Араспаанньатын кыайан аахпатыбыт. Атын туох да дааннай бу туһунан суох«, — диэн кэпсиир музей үлэһитэ.
Онон бу саҕанааҕы пионердартан улахан көрдөһүүлээх социальнай ситимнэргэ иһитиннэрии ыыталлар: «Кэнтиккэ кэлэ сылдьыбыт дьоруой дуу, суруйсуу нөҥүө билсиһии дуу буолуон сөп диэн сабаҕалыыбыт. Ким тугу өйдүүрүнэн санаа үллэстэргит буоллар эбэтэр ити араспаанньаны ким эмэ ааҕыан сөбө буолуо диэн тарҕаттыбыт«, — диир Анна Алексеева.
Өр күүттэрбэт, эппиэттэр кэлэн бараллар.
Анна Васильевна Кэнтик оҕолоругар 60-с сылларга суруйбут дьоруойу социальнай ситимнэр нөҥүө булбуттарын иһитиннэрдэ. «Шпуняков Сергей Павлович, Саха сиригэр сулууспалаабыт. Онон музейбыт өссө биир экспонатын историята билиннэ«, — диир кини.