Кэнтик нэһилиэгэ Үөһээ Бүлүү улууһун кииниттэн 10 км тэйиччи сытар. Манна 950-н тахса киһи олорор

Хаартыска: ЯСИА саайта

Кэнтик олохтоохторо кэнники үс-түөрт сылга 200-н тахса киһи эбиллибитин бэлиэтииллэр. Быйыл кыһын Кэнтик нэһилиэгэ төрүттэммитэ 125 сылын туолбута. Баай устуоруйалаах нэһилиэк 1899 сыллаахха тохсунньу 30 күнүгэр Саха сиринээҕи уобаластааҕы управление 2-с Үөдүгэй нэһилиэгин Остобунай уонна Чап аҕатын уустарын арааран тэрийбитэ. Кэнтик нэһилиэгэ былыр-былыргыттан тимир уустара түөлбэлээн олорор сирдэринэн биллэр. Оччолорго Кэнтик алаастарыгар 44 уус олорбут.

Манна олунньу 6 күнүгэр ситэриилээх былаас уорганнарын отчуотугар элбэх киһи муһунна.

Үөһээ Бүлүү улууһугар ситэриилээх былаас уорганнарын отчуоттуур бөлөҕүн иилээн-саҕалаан илдьэ сылдьар СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дьулустан Борисов Саха сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын, ааспыт сыллааҕы үлэ-хамнас ситиһиитин туһунан кэпсээтэ. Ол кэнниттэн регламент олохтоон, тута кэпсэтиигэ киирдилэр.

Кэпсэтиини нэһилиэк ытык кырдьаҕаһа, олохтоох сэбиэт дьокутаата Василий Алексеев-Бааһынай Баһылай саҕалаата. Кини Өлүөнэ уонна Бүлүү муосталарын тутууну чопчуласта, Кэнтик устуоруйатын көрдөрөр түмэли уонна оскуолаҕа атын сиртэн элбэх оҕо үөрэнэ кэлэринэн, интэринээт дьиэтин тутууну туруоруста. Өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэҕэ миниистирэ Петр Попов Өлүөнэ күргэтин тутуу саҕаламмытын, оттон Бүлүү өрүһү туоруур күргэ бырайыагынан 43 млрд солк тэҥнэспитин, ол гынан баран онуоха үбүлээһини көрдүөхтээхтэрин, дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2030 сылга диэри Мииринэй улууһугар диэри айан суола харгыһа суох хааччыллыытын соругун туруорбутун эттэ. Кини онон Бүлүү өрүһү туоруур күргэ тутулларыгар эрэнэрин эттэ.
Нэһилиэк социальнай үлэһитэ Надежда Еттянова  байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга хомуллар харчы дьэҥкэ буолуохтааҕын, ханна ыытылларын, туохха туттулларын туоһуласта.

Кулууп үлэһитэ Валентина Павлова үүт туттарыытыгар, ынах сүөһү төбөтүгэр ылыллар субсидия туһунан туоһуласта.

Оскуола үлэһитэ Елена Дмитриева Кэнтик нэһилиэгин сайдыытынан киэн туттарын, көхтөөх дьонноох нэһилиэк бары тэрээһиннэргэ кыттарын, кэлэр быыбарга даҕаны күүскэ үлэлиэхтэрин эттэ.

Оскуола учуутала Надежда Будищева урут учуонайдар кэлэн оскуолалары кытары үлэлэһээччилэр, кэнники тоҕо научнай оскуоланы ыыппаттарый диэн ыйытта. Итиннэ үөрэх миниистирин солбуйааччы Алевтина Аргунова наһаа үчүгэй научнай оскуола диэн баарын, учуонайдар үлэлэһэргэ бэлэмнэрин, ханнык баҕарар саҥа көҕүлээһин өйөнүллэрин, үөрэхтээһин науканы кытары сайдыахтаах диэн Ил Дархан Айсен Николаев сорудахтаан турарын эттэ.

Нэһилиэк олохтооҕо Валентина Софронова байыаннай дьайыыга наһаа элбэх ыччат сылдьар, элбэх киһи суорума суолланна, бу демографиябыт сайдыытыгар улахан охсуулаах буолуо, былыр-былыргыттан аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар ыҥырыллыбаттар этэ, билигин тоҕо оннук кыаллыбатый диэн боппуруоһу туруорда.
Миграция боппуруоһа эмиэ таарылынна.

Дьоҕус баһаарынай чаас салайааччыта Валерий Самсонов тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга, онно ыччаты тардарга биирдиилээн чопчу көмө оҥороргут буоллар, быдан көдьүүстээх буолуо этэ диэн баҕа санаатын тириэртэ.
Кэнтик олохтооҕо Зоя Иванова доруобуйаларынан хааччахтаах дьон бэйэ-бэйэлэрин кытары көрсүһэн кэпсэтэллэрин, биир дьыаланан дьарыктаналларын курдук түмсүүлэри тэрийэргэ баҕа санаатын эттэ.
Бырабыыталыстыба отчуоттуур бастакы бөлөҕө элбэх араас ыйытыыга сөптөөх хоруйдары биэрбитин олохтоохтор астына бэлиэтээтилэр.

Көрсүһүү түмүгэр СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дьулустан Борисов Ил Дархан аатыттан Кэнтик нэһилиэгин олохтоохторугар Махтал суруктары туттарда.

Салгыы Үөрэх министиэристибэтин аатыттан оскуола учууталыгар Наталья Усоваҕа Махтал суругу үөрэх миниистирин солбуйааччы Алевтина Аргунова туттарда.

Бу сылдьыбыт нэһилиэктэрбититтэн саамай элбэх 110 киһи Кэнтиккэ кыттыбытын бэлиэтиэххэ наада. Кэнтик сэргэх олохтоох, ураты эйгэлээх, туруу үлэһит, түмсүүлээх дьоно тэрээһинтэн олус астынан, өрө көтөҕүллэн тарҕаста.

Нэһилиэнньэ Бырабыыталыстыба ааспыт 2023 сыллааҕы үлэтин туйгунунан сыаналаатылар, суруйда Сайаана Львова, «Саха сирэ» саайт.

This post was published on 07.02.2024 10:27 10:27