Саха сиригэр кэнники сууккаҕа коронавирус 89 саҥа түбэлтэтэ билиннэ. Ол туһунан оптуорунньукка, алтынньы 11 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэтээҕи оперштаб иһитиннэрдэ, диэн СИА кэпсиир.
Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар 40 киһи ыалдьыбыта бигэргэннэ.
Улуустарга коронавируһунан ыалдьыы эмиэ быдан аҕыйаата:
Сунтаарга – 8;
Хаҥаласка -7;
Алдаҥҥа – 6;
Мииринэйгэ – 5;
Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Нерюнгри, Ньурба оройуоннарыгар — 4-түү;
Уус Алдаҥҥа -3;
Аммаҕа — 2;
Үөһээ Халыма, Уус-Майа улуустарыгар — 1-дии.
Сууккаҕа өрөспүүбүлүкэ лабораториялара коронавируснай инфекцияҕа 514 чинчийиини ыыттылар. Пандемия саҕаланыаҕыттан барыта 2 598 069 тест оҥоһулунна.
This post was published on 11.10.2022 10:03 10:03