Сунтаар улууһун Кэмпэндээйитигэр култуура дьиэтэ тутулунна. Өрөгөйдөөх арыллыытын олунньуга былаанныыллар. «Култуура» национальнай бырайыак чэрчитинэн олоххо киирдэ.
Регион салалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, саҥа эбийиэк 836,93 кв.м. Тутуута 2022 сыл ыам ыйыгар саҕаламмыт. Бэдэрээччик кыраапыктан хаалыыта суох дьиэни тутан киллэрдэ.
Үбүлээһинэ 153,4 мөл солк.
Биир этээстээх таас дьиэҕэ 150 миэстэлээх саала, үҥкүүлүүр саала, гримернай, куруһуоктар ыытыллар хосторо бааллар. Сиэри-туому ыытарга анаан туспа ураһалаах.
This post was published on 12.01.2024 10:03 10:03