Кемеровскай уобалас вице-губернатора Сергей Цивилев оптуорунньук сарсыарда регион дьаһалтатын таһыгар мустубут дьоҥҥо таҕыста.
“Интерфакс” агентствотын кэрэспэдьиэнэ иһитиннэрбитинэн, Сэбиэттэр болуоссаттарыгар 300-кэ киһи муһунна.
Куорат олохтоохторо былаастар бу өрөбүл күн буолбут иэдээн туһунан кырдьыгы кэпсииллэригэр туруорустулар. Сорохтор дьон истиитигэр тахсыбыт сиэртибэ ахсаана дьиҥэ суоҕун этэллэр, сорохтор уот турбутун кэннэ олус аҕыйах быыһааччы кэлбитэ дииллэр. Олохтоохтор Кузбасс губернатора Аман Тулеевы астаапкаҕа ыытары туруорсаллар.
Оптуорунньук сарсыарда эрдэ Россия бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көтөн кэлбитэ, кини “Зимняя вишня” эргиэн киинин таһыгар сибэккилэри уурбута.
This post was published on 27.03.2018 16:44 16:44