Арассыыйаҕа COVID-19 ыарыыга сутуллуу кэнники нэдиэлэҕэ 30,1% үрдээтэ. Бу туһунан РИА Новости, саҥа коронавируснай инфекцияны утары охсуһар федеральнай оперативнай штабка сигэнэн иһитиннэрдэ.
«Бу ааспыт нэдиэлэҕэ саҥа хамсык ыарыынан ыалдьааһын ааспыт нэдиэлэни кытары тэҥнээтэххэ 30,1% элбээтэ. Сутуллуу РФ 72 субъегар, ол иһигэр 22 региоҥҥа элбээбитэ бэлиэтэнэр», — диэн штаб иһитиннэриитигэр бэлиэтэнэр.
Кэлиҥҥи нэдиэлэҕэ дойду үрдүнэн COVID-19 ыалдьан 3781 киһи балыыһаҕа киирдэ, бу ааспыт нэдиэлэҕэ тэҥнээтэххэ 19,2% элбэх.
This post was published on 01.11.2023 18:06 18:06