Кэлэр нэдиэлэ субуотата үлэ күнүнэн ааҕыллар

Хаартыска: ЯСИА саайта

Биэс күн үлэ кыраапыктаах Саха сирин олохтоохторун аныгыс нэдиэлэҕэ эбии үлэ күнэ күүтэр. Ол туһунан үлэ министиэристибэтэ эттэ.
Субуота, сэтинньи 2 күнэ, үлэ күнүнэн ааҕыллар — муус устар 30 күнүгэр маай бырааһынньыктарынан өрөбүл буолбутун ситэрэн биэрии дьаһала буолар. Онон, аныгыс үлэ нэдиэлэ алтынньы 28 — сэтинньи 2 күнэ буолар, диэн чуолкайдаатылар үлэ министиэристибэтигэр.

Биэдэмистибэҕэ быһааран биэрбиттэринэн, сэтинньи 2 күнэ — бырааһынньык иннинээҕи күн буоларынан биир чаас кылгыыр. Сэтинньи 4 күнүгэр Россияҕа Норуот сомоҕолоһуутун күнэ бэлиэтэнэр. Өрөбүл күннэр — сэтинньи 3 уонна 4 күннэрэ.

This post was published on 25.10.2024 15:01 15:01