Кэлэр нэдиэлэҕэ Саха сиригэр спорт кыһыҥҥы көрүҥнэригэр спартакиада саҕаланар

Хаартыска: ЯСИА саайта

Алдан уонна Нерюнгри кэлэр нэдиэлэҕэ спорт кыһыҥҥы оонньууларыгар V спартакиаданы ылаллар. Бастыҥ муниципальнай сүүмэрдэммит хамаандалар быһаарыллыахтара. 10 көрүҥҥэ күрэхтэһиэхтэрэ. Мэтээллэри араас оройуоннартан 1120 кыттааччы былдьаһыаҕа.

Ол туһунан ЯСИА суруйда.

Спартакиадаҕа 20-тэн тахса муниципальнай хамаанда кыттар, кулун тутар 25 — 31 күннэригэр буолар.

Нерюнгрига хоккей, фигурнай хаҥкылааһын, хотугу многоборье ыытыллар. Үгүс көрүҥ Алдаҥҥа буолар: хайыһар, биатлон, хайыһарынан спортивнай ориентирование, кыһыҥҥы многоборье, шорт-трек, сноуборд уонна хайа хайыһарын спорда.

This post was published on 21.03.2024 17:01 17:01