Саха сиригэр аныгыскы нэдиэлэҕэ тымныйыаҕа. Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 40 кыраадыстаах тымныыны аҕалар кыахтаах антициклональнай күн-дьыл туруоҕа. Бу туһунан күнү-дьылы кэтээн көрөр сулууспа начальнигын солбуйааччы Татьяна Маршалик иһитиннэрдэ.
«Алтынньы бүтэһик күннэригэр уонна сэтинньи саҥатыгар өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар антициклональнай күн-дьыл туруоҕа. Тымныйыы арҕааттан саҕаланыаҕа уонна салгыы киин оройуоннарга, ону тэҥэ хотугулуу-илин диэки тарҕаныаҕа»,- диэн Маршалик бэлиэтээтэ.
Киин, илин эҥэр уонна арҕааҥы оройуоннарга кэлэ нэдиэлэҕэ түүнүн -30 кыраадыска тиийэ тымныайыаҕа, оттон хотугулуу-илин диэки термометр түүнүн -40 кыраадыһы көрдөрүөн сөп диэн чуолкайданар.
This post was published on 24.10.2023 18:06 18:06