"Кэл, олор, чэйдиэх!" куонкуруска эбии үлэлэр киирдилэр

“Сахамедиа” АУо, СИА-сонуннар сахалыы саайт “Сахам сирэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи акция чэрчитинэн “Кэл, олор, чэйдиэх!” хаартыска көрүүтүн куонкуруһун биллэрбитэ. Сырдык санааттан саҕыллар аһылык сиэрин-туомун кэпсиир, билиһиннэрэр сыаллаах куонкуруска хаартысканы тутуу болдьоҕо бүгүҥҥэнэн түмүктэнэр. 


Түмүктүүр күнү көрсө Ньурбаттан, Амматтан, Горнайтан, Чурапчыттан, Дьокуускайтан, Эбээн-Бытантайтан, Орто Халыматтан хаартыскалар киирдилэр. Дьон анаан-минээн оҥостон түспүтэ кими баҕарар үөрдүөн сөп.

Чурапчы Кытаанаҕыттан

Чурапчы улууһун Кытаанах нэһилиэгин олохтоохторо Макаровтар дьиэ-кэргэн эбэлэрин Мария Федоровна, эһэлэрин Иван Николаевич Поповтар итии үүттээх чэйдээх остуолларын тула олорон чэйдииллэрин туохтааҕар да сөбүлүүллэр. «Эбээлээх эһэбит быйыл бииргэ олорбуттара 50 сыллара. Саамай күндү дьоммутун кытта бииргэ түмсэн чэйдээһин биһиги дьиэ-кэргэҥҥэ саамай сүрүн оруолу ылар. Олус ситимниир, или-эйэни түстүүр, оҕо иитиитигэр улахан суолталаах», — диэн кэпсиир кыыстара Анна Макарова.

Поповтар икки оҕолоохтор, алта сиэннээхтэр, икки хос сиэннээхтэр.

Горнай Бэрдьигэстээҕиттэн

Горнай улууhун Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтин олохтооҕо Мария Гаврильевна Сидорова дьиэ кэргэнин ураты үгэһин киэн тутта кэпсиир. Ол курдук кинилэр урукку малы-салы сахалыы ойуулаан-мандардаан уларытан оҥоттороллор эбит. «Холобур, бу ыскааппытын сиэдэрэй көстүүлээх гыммыппыт. Чэй иһэр куукунаҕа туруорбуппут. Ыскаап сааһа — 16 сыл. Бары түмсэн чэйдиирбитигэр ураты тыыны, салгыны бэлэхтиир курдук», — диир кини.

Хаартыскаҕа сиэн кыыс Линда Ефремова дьиэлээхтэри чэйгэ ыҥырар.

Дьокуускай куораттан

Дьокуускай куорат олохтооҕо Марфа Данилова ыыппыт хаартыскатыгар кини уола 10 сааһын туолар бырааһынньыгар доҕотторо, Саха канадскай оскуола үөрэнээччилэр кэлбиттэр. «Мин оҕом табаарыстарын наһаа убаастыыр, сөбүлүүр, уһулуччу күн буолла да, ыҥыртылаан хайаан да чэйдииллэр«, — диэн кэпсиир кини.
Вася Данилов билигин 4 «б» кылааска үөрэнэр.

Ньурба улууһуттан

Бу хаартыска ааптара Ньурбаттан Владимир Егорович Дорофеев буолар. «Мин сиэммин наһаа таптыыбын, хас биирдии хамсаныытын хаартыскаҕа түһэрэн иһэбин. Амелиям  3 саастаах, туһа киһитэ. Миигин куруук «Эһээ, аһаатыбыт», — диэн чэйгэ ыҥырдаҕына наһаа дьоллонобун», — диир кини.

Амелия «Лесная сказка» оҕо саадын иитиллээчитэ.

Амматтан

Амма олохтоохторо Бубякиннар ыыппыт хаартыскаларын анныгар маннык суруллар: «Киэһэ дьиэ кэргэн сандалы остуол тула олорон аһыыра — бу ил-эйэ бэлиэтэ, эйгэтэ буолар. Остуол тула олорон күннээҕи сонуҥҥун үллэстэҕин, кэпсэтэҕин».

Сааскы ылбаҕай күн балтылара Саина кэргэнинээн Никанордуун оҕолорун илдьэ күүлэйдии кэлбиттэрин бастакы шашлыгынан көрүстүлэр.

Эбээн-Бытантай улууһун Баатаҕай-Алыытыттан

Эбээн-Бытантай улууһун Баатаҕай-Алыыта бөһүөлэктэн 6 кылаас үөрэнээччитэ Дьулус Колесов «Эһэм, мин уонна бырааттарым» диэн хаартыскаҕа дьүһүйүүтүн ыытта. Уолаттар ыстаадаҕа ийэлэригэр ас астыырга көмөлөһөллөр. «Мин бырааттарым оннооҕор пельмени сатыыллар«, — диэн кэпсиир Дьулус.

Уолаттар эһэлэрэ Василий Васильевич Колесов төрүт табаһыт. Дьулус бэйэтэ Чурапчытааҕы спортивнай оскуолаҕа үөрэнэр. «Виктор Лебедев курдук буолуохпун баҕарабын», — диэн санаатын этэр.

Орто Халыматтан

Орто Халыма орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ Робер Аргунов хаартыската икки күн айаннаан тиийэн кэллэ. Сибээс мөлтөх сиригэр бастыҥ аһы — тоҥ балыгы — киэһээ утуйуох иннинэ сэмсэ ас гынан сииллэр. Бу кинилэр төрүт астара.

Кинини кытта Созоновтар уонна Ноговицыннар Алаһыайга төрөппүттэригэр сыл саҕаланыыта тиийэн үөрэн-көтөн туран 2016 сылы итии чэйдээх остуол тула олорон көрсүбүт түгэннэрин үйэтиппиттэрин ыыппыттар.

This post was published on 20.04.2016 18:22 18:22