“Сахамедиа” АУо, СИА-сонуннар сахалыы саайт “Сахам сирэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи акция чэрчитинэн “Кэл, олор, чэйдиэх!” хаартыска көрүүтүн куонкуруһун биллэрбитэ. Сырдык санааттан саҕыллар аһылык сиэрин-туомун кэпсиир, билиһиннэрэр сыаллаах куонкуруска хаартысканы тутуу болдьоҕо түмүктэннэ.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төхтүрүттэн бэтэрээн-учууталлар, коллегалар, дьүөгэлиилэр Капиталина Ивановна Макарова уонна Нина Федоровна Колосова хаартыскаларын ыыттылар.
«Биһиги куонкуруска кыттаары анаан-минээн ыҥырсан, музей-балаҕаҥҥа чэй иһиитин сиэрин-туомун тэрийдибит. Бу маннык истиҥ көрсүһүүлэр доҕордуу буолууну өссө дириҥэтэн, күндүмсүтэн биэрэллэр», — дииллэр дьүөгэлиилэр.
Хаартыска ааптара Любовь Стручкова.
Балаһыанньа быһыытынан хаартыскалары аһаҕас куоластааһыҥҥа туруорабыт. Ол эбэтэр муус устар 21-27 күннэригэр сөбүлүү көрбүт хаартыскаҕытыгар куоласкытын биэриэххитин сөп.
Куоластааһын сарсын күнүс 14:00 ч. саҕаланыа уонна муус устар 27 күнүгэр 14:00 ч. түмүктэниэ.
Онон муус устар 28 күнүгэр кыайыылааҕы эһиги быһаарыаххыт.
Куонкурус кыайыылаахтара сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланыахтара.
This post was published on 20.04.2016 21:24 21:24