Быйыл Кэбээйи оройуона граҥҥа хаһааҥҥытааҕар да элбэх кыайыылаах буолла. Куонкуруска маннык көхтөөх кыттыы — улууска тэрилтэлэр сөптөөх, былааннаах үлэлэрин туоһута.
Наталья Полятинская, Кэбээйитээҕи «Сайдам» норуот айымньытын киинин дириэктэрэ:
— Саха төрүт дорҕоонноро баар тойукпут, оһуохайбыт, олоҥхобут даҕаны буоллун, билиҥҥи кэм ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн, дьон-сэргэ ортотугар доҕуһуол тэриллэрин туһунан киэҥник көрдөрүү ситэ сайда илик хайысха буолар. Онтубут төрүөтүнэн түҥ былыргы төрүттэрбит түүрдэр саҕанааҕы дорҕооммут доҕуһуолун тэриллэрбитин бу уһук хотугу сири булан олохсуйарбытыгар түүннэри-күннэри тыыннаах буолар охсуһуу кыһалҕатыттан умна сылдьыбыппыт буолар.
Манан сиэттэрэн, бу «Кылыһах алыптаах дорҕооно» бырайыак олоххо киирэн, саха төрүт дорҕооно баарын биллэрэргэ, сайыннарарга кыах уонна төһүү күүс биэрдэ диэн биһиги «Сайдам» бөлөхпүт саха тэҥэ суох буола үөрдэ. Биһиги бөлөх, ыра санаа оҥостубут баҕа санаата — кыл кырыымпа тыаһа, хомуспут курдук, ыал ахсын кыҥкыныы ыллыа диэн бигэ эрэллээхпит.
Анна Собакина, 18 нуомэрдээх «Чуораанчык» оҕо саадын сэбиэдиссэйэ, Баҕадьа:
— Саха ыччата оҕо эрдэҕиттэн төрөөбүт буоруттан силистэнэн-мутуктанан иитилиннэҕинэ, норуотун тылын барҕа баайын, үтүө үгэстэрин этигэр-хааныгар иҥэриннэҕинэ, амарах сүрэҕин, мындыр өйүн утумнаатаҕына эрэ саха омук омук быһыытынан чэчирии сайдара саарбаҕа суох. Оҕоҕо норуот кутун-сүрүн иҥэрэргэ фольклор сүдү суолталаах. Биһиги улуус култууратын салалтатын кытта бырайыактарга ылсан үлэлээн, быйыл грант ылары ситиһэн дэлби үөрдүбүт, астынныбыт. Салҕыы үлэлэһиэхпит диэн эмиэ бигэ эрэллээхпит.
Каролина Кудрина, «Дайан» СК дириэктэрэ, Мукучу:
— Мукучутааҕы «Дайан» сынньалаҥ киин «Фонд культурных инициатив» Российскай граҥҥа «Музыкальный фестиваль » Солнечная музыка»»диэн проегынан кыттан кыайыы өрөгөйүн билэн бар дьоммутун кытта үөрүүбүтүн үллэстэбит.
Бу биһиги тэрилтэҕэ бэлиэ түгэн диэн бэлиэтиэххэ наада. Ол курдук быйылгы сылга 50 сыллаах үбүлүөйбүтүн бэлиэтиибит. Онон кэрэ эйгэни сэҥээрэр дьоммутугар, доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорбутугар олус үчүгэй бэлэх буолла.
Бу проект тэрилтэбит иһигэр баар биир хоско толору эппиэттиир гына оҥоһуллан үлэлиэҕэ. Манна улахан караоке систиэмэ, сөптөөх миэбэллэр, доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорбутугар анаан музыкальнай «дорожка» ылыллан, барыта ити 500 тыһыынча солк суумма иһинэн суоттанан, ааҕыллан кэлиэҕэ.
Инники этэн аһарбыппыт курдук биһиги тэрилтэ сылын аайы нэһилиэкпит иһинэн доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорбутугар үгэскэ кубулуйбут тэрээһини ыытабыт. Онон бу проект оҕолорбут доруобуйаларыгар, кэрэ диэни кэрэхсии улааталларыгар көмө буолуоҕа диэн эрэнэбит.
Бука бары нэһилиэкпит дьонун проекпыт толору ситэн үлэҕэ киирэр бэлиэ күнүгэр кэлэн үөрүүбүтүн үллэстээриҥ диэн ыҥырабыт.
Түгэнинэн туһанан олохтоох дьаһалта уонна тус бэйэм ааппыттан бу проекка ыкса үлэлэспит методиспар Светлана Васильевна Соломоноваҕа, коллектив бары үлэһиттэригэр, Кэбээйибит улууһун культуратын салалтатыгар, кэлиҥҥи кэмҥэ араас хабааннаах проектарга сөптөөхтүк ылсан үлэлиир, элбэх нэһилиэккэ үөрүүнү, ситиһиини бэлэхтээбит Анисья Дмитриевна Спиридоноваҕа улахан махталбытын тиэрдэбит. Эһиги сыралаах үлэҕит мэлдьи ситиһии сиэтиилээх, олоххут үөрүү үктэллээх, туруккут бөҕө тирэхтээх буоллун!
This post was published on 01.09.2022 14:28 14:28