Алтынньы ортотугар Кэбээйи улууһун олохтоохторо «Бүлүү» федеральнай трассатыгар тахсар, сылы эргиччи айанныыр суолланыахтара.
Кэбээйи суола икки өттүттэн тутуллан иһэр: Кэбээйи бөһүөлэгиттэн Дьокуускай хайысханан уонна Горнай улууһун Бэс Күөлүттэн Кэбээйи диэкки. Бу күннэргэ суол үлэһиттэрэ барыта 25 км суол кэрчигин итиэннэ Түгэнэ үрэҕи туоруур Горнай уонна Кэбээйи улуустарын холбуур күргэ тутуутун түмүктээн эрэллэр.
«Күргэ тутуутун алтынньы 15 күнүгэр бүтэрэн, 24 чыыһылаҕа аһар санаалаахпыт», — диир СӨ суолларын Управлениетын дириэктэрин солбуйааччы Семен Сметанин.
Суол кутуутугар айылҕа усулуобуйатын учуоттаан, бастакытын геоэрэһээҥки уонна биомат туһаннылар. Оттон муоста тутуутугар Саха сиригэр бастакытын бетобокс диэн харысхал бүрүөһүнү туһаннылар.
Суолу «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара» национальный бырайыак уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи тырааныспар комплексын сайыннарыы бырайыагын көмөтүнэн туттулар.
Тутууну хонтуруоллуур «Азимут» ХЭТ бэрэстэбиитэлэ (Хабаровскай к.) Николай Мерзляков этэринэн, суол бары ирдэбиллэри тутуһан, бырайыак быһыытынан, хаачыстыбалаахтык оҥоһуллубут.
Күргэ уонна суолу тутуу сүрүн бэдэрээтчитинэн «Дороги Саха» тэрилтэ буолар. Эбии «Кобяйдорстрой», «Мехдорстрой, «Дороги Олекмы», «Мосты Севера» тэрилтэлэр үлэлэстилэр.
This post was published on 05.10.2020 17:01 17:01