Кэбээйи улууһугар волоконно-оптическай сибээс линиятын тардыахтара

Кэбээйи улууһугар волоконно-оптическай сибээс линиятын тардыахтара. «Ростелеком» саха сиринээги салаатын дириэктэрэ Константин Войтеховский уонна Кэбээйи улуһун баһылыга Иван Левин туоһу сөбүлэҥи түһэристилэр. Бу туһунан СИА суруйар.


Улууска волоконно-оптическай сибээс интэриниэт түргэтииригэр, суотабай сибээс тупсарыгар төһүү буолуо. «Билигин улуус дьаһалтатын кытары үбүлээһин боппуруостарын, линияны тардыы маршрутун быһаарса сылдьабыт. Сөбүлэҥ иһинэн улуус 13 нэһилиэгэр GPON ситимин тардар туһунан кэпсэтии барар», — диир Константин Войтеховский  

Линия тардылыннаҕына Сангаар, Арыктаах, Лүксүгүн, Кэбээйи, Арҕас, Саҥа Кальвица, Баҕадьа, Арыылаах, Мастаах, Сайылык, Чагда, Сииттэ, Тыайа нэһилиэктэригэр сибээс биллэ тупсуо.

«Биһиги улуус мөлтөх суоллаах-иистээх буолан цифровой сибээс кэлэригэр улахан баҕалаахпыт. «Ростелеком» көмөтүнэн саамай ыраах сытар да нэһилиэктэрбит түргэн интэриниэтинэн хабыллыахтара диэн үөрэбит. Цифровой сибээс экономика бары эйгэлэригэр — үөрэхтээһиҥҥэ, тыа хаһаайыстыбатыгар, промышленноска, биисинэскэ улахан дьайыылаах буолуо», — диир Иван Левин.

This post was published on 28.07.2020 13:01 13:01