Кэбээйи улууһугар "Табыс" ыччат бэстибээлэ түмүктэннэ. Ньурба улууһа кыайда

Хаартыска: ЯСИА саайта

Субуотаҕа, бэс ыйын 8 күнүгэр Кэбээйи сэлиэнньэтигэр «Табыс» өрөспүүбүлүкэтээҕи култуура-үөрэх хайысхатыгар ыччат бэстибээлэ  өрөгөйдөөх сабыллыыта буолла. Хамаанданан киирсиигэ Ньурба улууһа уонна «Zema» ыччат тэрээһинэ кыайда, суруйар ЯСИА.

Бэстибээлгэ барыта 11 хамаанда кытынна. Барыта 6 куонкурус буолла. Сүрүн бирииһи — УАЗ массыынаны Ньурба хамаандата ылла.

«Биһиги бу кыайыыга олус өр кэллибит. Мин хамаандам талааныгар, патриотизмыгар, дьулууругар эрэммитим. Бэстибээл сүрүннээн үрдүк таһымнаахтык ааста, үөрүүбүттэн ытаатым. Оройуоммут салалтатыгар, ыччат министиэристибэтигэр ыччат кыаҕын арыйан көрдөрөрүгэр усулуобуйаны тэрийбиттэригэр махтанабын. Бэстибээлгэ уһуннук бэлэмнэммиппит. Биирдэ да кыайыы диэни билэ иликпит. Дьэ, быйыл Кубок уонна массыына биһиэнэ буолла, ыччат уонна имиджевай бэлиитикэ туһугар үлэлиэҕэ. Биһиги бэйэбит массыынабытын анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар уолаттарбытыгар ыыппыппыт. Салгыы да бэстибээл Ньурба улууһугар тэриллэригэр кыһаллыахпыт», — диэтэ ЯСИА-ҕа Ньурба оройуонун ыччат управлениетын салайааччыта Валерия Владимирова.

Кыайыылаах «Zema» хамаандаҕа 700 тыһ солк сертификат туттарылынна. Кинилэр күүстэрэ — ахсааннара, өйөбүллэрэ, энергетикалара буолла. «Zema-лар» Саха сирин араас улуустарыттан 100 киһи мустубут.

«Биһиги иккиспитин кыттабыт. Былырыын холонон көрбүппүт, иһин-таһын билбиппит. Быйыл кыайыыны ыларга кэлбиппит. Икки аҥар ый бэлэмнэммиппит. Сыалбытын ситтибит. Харчыбытыгар устудьуонарга лааҕыр тэрийэр былааннаахпыт. Күһүн диэки олоххо киллэриэхпит», — диэтэ тэрилтэ салайааччыта Алгыстаан Софронов.

«Лидер молодежи» куонкурус буолла. Манна Горнай улууһуттан Сардана Максимова бастаата, иккис — Диана Павлова Чурапчыттан, үһүс — Анастасия Угарова, Дьокуускай бэрэстэбиитэлэ. Кинилэр муниципальнай тэриллиилэригэр ыччат бэлиитикэтэ хайдах салаллан барыахтааҕар былааннарын презентациялаатылар.

«Бэстибээлгэ ким бэлэмнээх, күүстээх ол кыайда. Кыра Одуну нэһилиэгин ситиһиитэ сөхтөрөр, иккис миэстэ буоллулар. Бу аата түмсүүлээх хамаанда кыайыылаах буоларын туоһута. Үһүс миэстэни Россия устудьуоннарын этэрэээтин Саха сиринээҕи салаата ылла. Ньурба улууһа кыттыытын хаачыстыбатын бэлиэтиэххэ наада», — диэтэ ыччат миниистирэ Петр Шамаев.

Миниистир Чурапчы улууһун хайҕаата, 1991 сыллаахха, тэрээһин өссө «Ыччат ыһыаҕа» диэн ааттаах эрдэҕиттэн кинилэр бастакы бириистээх миэстэлэрэ. Иккис миэстэни Мэҥэ Хаҥалас улууһа ылла.

«Бастыҥ бөҕөскө» Кэбээйиттэн Яков Дмитриев бастаата. Иккискэ — Валентин Афанасьев Ньурбаттан, үһүс — Денис Колесов, Мэҥэ Хаҥалас улууһа буолла.

This post was published on 10.06.2024 09:34 09:34