Кэбээйи улууһугар "Сэбээн" кыһыҥҥы суол бастакы учаастага арылынна

Саха сиринээҕи айан суолун управлениета иһитиннэрбитинэн, сэтинньи 5 күнүттэн «Сэбээн» кыһыҥҥы айан суолугар Батамай — Сиэгэн Күөл хайысханан бастакы учаастак арылынна. 


0 км —  77+000 км учаастакка айан 20 туоннаҕа диэри тырааныспардарга көҥүллэннэ. Суолу «Прогноз» АУо хампаанньа оҥорон арыйда.

Сэтинньигэ Ленскэй — Хамра уонна Хампа — Мукучу учаастактар арыллаллара былааннар. Маны сэргэ «Амма» суолга Амма эбэни туоруур муус суол.

This post was published on 05.11.2020 18:01 18:01