Кэбээйи улууһугар сайын ортото хаар түстэ

Зинаида Потапова түһэриитэ

Кэбээйи оройуонун Сэбээн-Күөл нэһилиэгэр от ыйын 31 түүн хаар түстэ. Улуус дьаһалтата СИА-ҕа иһитиннэрбитинэн, хаар соһуччу түспүт, бу иннинэ салгын температурата сылаас турбут.

«Температура +3 кыраадыс, инчэҕэй хаар түстэ. Бөһүөлэккэ бэйэтигэр хаар сонно ууллан хаалла, хайаҕа буоллар, син тура түһэн баран ууллунна»,-диэн оройуон пресс- сулууспатыгар кэпсээтилэр.

Зинаида Потапова түһэриитэ

This post was published on 31.07.2023 15:48 15:48