Былырыын Кэбээйи оройуонугар халаан уутугар баран, сүөһү-сылгы аһын бэлэмнииргэ ыарахаттары үөскэттэ. Ууттан сылтаан сүөһү аһылыгар улахан дефицит бэлиэтэнэр, олохтоохтор атын оройуоннартан оту сакаастыырга күһэллэллэр. Бырабыыталыстыба отчуотун түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин департаменын салайааччыта Василий Бессонов СИА кэрэспэдьиэнигэр 50 % сүөһү аһылыга оройуоҥҥа тиэрдиллибитин уонна үп барыта муниципалитеттарга үллэриллибитин бэлиэтээтэ.
Оройуоҥҥа оттуур хампаанньа түмүгүнэн оту уопсай кээмэйтэн 50%- нын соҕотуопкалаабыттар. Итинэн сибээстээн тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин оперативнай штабын быһаарыытынан 700 туоннаттан тахса тонна оту атыылаһарга субсидия көрүлүннэ. Итини таһынан 2900 туонна дороххой аһылыгы атыылаһарга субсидия бэрилиннэ.
«Сүөһү уонна сылгы бигэтик кыстыырыгар усулуобуйаны тэрийэргэ сөптөөх дьаһаллар ылыллаллар. Билиҥҥи туругунан сүөһү аһылыгын 50 %- на тиэйдилэр. Дороххой аһылык Кэбээйигэ Дьокуускайтан, Хаҥаластан уонна Нам оройуоннарыттан кэлэллэр. Аһылыгы тиэйэр-таһар больдьоҕор үп- харчы суоҕуттан уларыйыылар киирэллэр»,-диэтэ Василий Бессонов.
This post was published on 17.02.2023 11:01 11:01