Кэбээйи улууһугар почта үлэһитэ өлбүт киһи биэнсийэтин бэйэтигэр ылбыт

Кэбээйи улууһугар почта үлэһитэ 25 тыһыынча солкуобай суумалаах өлбүт киһи биэнсийэтин бэйэтигэр ылбыт диэн өрөспүүбүлүкэ прокуратуратын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Дьахтар буруйун билиммит, итинник быһыыламмытын кэмсинэн, хоромньутун толору төннөрбүт. Суут судаарыстыбыннай буруйдааччы санаатын учуоттаан, 50 тыһыынча солкуобайдаах ыстараап анаабыт.

This post was published on 18.07.2022 13:03 13:03