Кэбээйи улууһа Саха сирин киин оройуоннарын кытта сылы эргиччи сибээһэ олохтонуоҕа

«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара» национальнай бырайыагынан 2020 сылга «Кэбээйи» суол тутуута бүтүөҕэ. Кэбээйи улууһа сылы эргиччи өрөспүүбүлүкэ киин оройоннарын кытта сибээстээх буолуоҕа. Итини сэргэ «Бүлүү» федеральнай суолга тахсыыны хааччыйыаҕа. Суолу тутуу 20 сыл анараа өттүгэр саҕаламмыта. 


20 сыл устата «Кэбээйи» регионнааҕы трассаҕа 132,96 км айан суола тутуллар.

Национальнай бырайыагынан манна саҥа технологиялар уонна тутуу матырыйааллара туһалыннылар. Суол үрдүн бүрүөһүнэ биоматынан бөҕөргөтүлүннэ, геоэрэһээҥки, каучук төрүттээх лотоктар туттулуннулар.

2019 сылга 95 — 108 км — 13 км уһуннаах суола оҥоһуллубута.  Бэс-Күөл – 95 км, 108 км – Түгүэнэ үрэх уонна ону туоруур муоста тутуулара бу сыл сэтинньитигэр түмүктэниэҕэ. Эбийиэктэр уһуннара — 25,5 км, диэн СИА-ҕа суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ биллэрдэ.

This post was published on 21.01.2020 18:14 18:14