Кэбээйи улууһун олохтоохторо бу нэдиэлэҕэ өр күүппүт, сылы эргиччи айанныыр, «Бүлүү» федеральнай трассатыгар тахсыылаах айан суолун аһыахтара. Өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллибит «Кэбээйи» сопхуос урукку суола-ииһэ суох сылларга уопуттаах суоппардарынан аатырара. Олор ахтыыларын Ulus.media суруйар.
«Кэбээйи» сопхуос алта төгүллээх чөмпүйүөн суоппара, Кэбээйи улууһун икки төгүллээх чөмпүйүөнэ, социалистическай күрэхтэр кыайыылаахтара Николай Спиридонович Полятинскай:
– Аармыйаҕа сулууспалаат, 1971 сыллаахха төрөөбүт сопхуоспар төннүбүтүм. Онно миигин Дьокуускайга суоппардар куурустарыгар ыыппыттара. Онтон ыла илиибин уруултан араарбакка үлэлээбитим. Эһиил суоппардаабытым 50 сыла буолар. Ол саҕана «Кэбээйи» сопхуоска орто тоннажтаах таһаҕас тиэйэр ГАЗ-53, ЗИЛ-130 самосваллар сүүрэллэрэ. Улахан кыамталаах массыыналар суохтара. Онон кыһын тоҥуу хаары кэһэрбит, саас, күһүн бадарааҥҥа буксуйарбыт. Күрдьэҕэ суох оччолорго айаннаабаккын. Таһаҕаһы бэйэбит сүөкүүр буолан куруусчуттардаах сылдьарбыт. Кинилэр сүрдээх эппиэтинэстээх буолаллара. Кэлин сорохтор бэйэлэрэ суоппар буолбуттара. Оччолорго үлэлээн ааспыт, биһиги кэккэбитигэр билигин суох доҕотторбун олус истиҥник саныыбын. Араас ыксаллаах түгэннэргэ кинилэр 50 кыраадыстаах тымныыга соҕотох сэлиэччигинэн, эрэһиинэ саппыкынан элбэхтэ тахсан тураллар…
Дьокуускайга 14-15 чааһынан тиийдэхпитинэ үөрүү бөҕө буоларбыт. Аара суолга массыына алдьанара, кээһэнэрэ ханна барыай?!
Массыыналарбыт кыра уйуктаахтар эрээри тиэйэр таһаҕаспыт өрүү элбэх буолара. Кэлин Золотинкаҕа диэри прицептээх сылдьар буолбуппут. Түгэнэ үрэх таһыгар баар «Хонор сыырын» прицептаах массыыналарбыт бэрт эрэйинэн өксөйөллөрө.
Суол тутуута бүппүтүн истэн үөрүүм үгүс. Аны Дьокуускайга диэри 5 чааһынан тиийэллэр уһу. Эдэр суоппардарга айаҥҥа сэрэхтээх буолалларыгар баҕарыам этэ. Үчүгэй суол бэрээдэги эрэйэр.
Бэлиэтээн эттэххэ, суол тутуута бастакы дириэктэр, Кэбээйи улууһун дьиҥнээх патриота Николай Степанович Кобяков туруорсуутунан бүттэ. Суол тутуутун 1989 сыллаахха кини бастакынан саҕалаабыта. Бу сыллар тухары салгыбакка туруорсубутун түмүгэр бүгүн сылы эргиччи сылдьар суолланныбыт. Түгэнинэн туһанан кэбээйилэр бары ааппытыттан Николай Степановичка дириҥ махталбытын тиэрдэбит.
Кэбээйи сопхуоһун суоппара, үлэ бэтэрээнэ Кобелев Юрий Алексеевич:
– Биллэн туран, оччолорго айан ыарахан этэ. Кэбээйиттэн Дьокуускайга диэри 16-18 чааһынан сылдьарбыт. Суукканы быһа да айанныырбыт. Оччолорго мин Сметанин Егор Васильевичтыын, Левин Валериан Михайловичтыын, Полятинскай Николай Спиридоновичтыын, Сметанин Иван Ивановичтыын үлэлээбитим. Соҕотоҕун айанныыр кутталлаах буолан үксүн түөртүү буолан айанныырбыт. Түөрт массыынаттан миэхэ эрэ ЗИЛ-157 вездеход баара. Биһиги сүрүннээн саппаас чаас уонна комбикорм таһарбыт. Сэтинньи ортотуттан саҕалаан, муус устар ортотугар диэри айанныырбыт. Хас биирдии суоппарга куруусчут сыһыарыллара.
Улахан саахал тахсыбытын өйдөөбөппүн, көлүөһэ тэстиитэ, мотуор умуллара ханна барыай. Оччолорго суол мөлтөҕө, суолга айанньыт суоҕун кэриэтэ этэ. Сороҕор салаайааччыларбыт айаннаһаллара. Дьон үлэҕин, кэһиитин биһигиннэн ыытара. Хамнаспыт ботуччу буолара. Ыйга 700-800 солкуобай, дириэктэр хамнаһын саҕа. Мин 1985 сыллаахха диэри суоппардаабытым. Ол сыл харахпын эчэтэн, атын үлэҕэ көспүтүм. Сопхуоска 1997 сыллаахха диэри үлэлээбитим, онтон райпо-ҕа көспүтүм. Быйыл 81 сааспын туоллум. Кэбээйилэр суолбутун отут сыл кэтэстибит. Дьэ сылы мэлдьи эрэйэ суох айанныахпыт турдаҕа!.
Ыспыраапка:
Бу нэдиэлэҕэ 9,3 км уонна 15,8 км усталаах суол, 107 миэтэрэ уһуннаах Түгэнэ үрэҕи туоруур Горнай-Кэбээйи улуустарын ситимниир күргэ тутуута аһыллара былааннанар. Бүтэһик сылларга суолу «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара» национальнай бырайыак итиэннэ «Тырааныспар комплексын сайыннаары» эрэгийиэннээҕи бырайыак чэрчитинэн тэтимнээхтик туттулар.
This post was published on 21.10.2020 13:04 13:04