Сайылык бөһүөлэгэр Раиса Иннокентьевна, Владимир Михайлович Ивановтар тиэргэннэригэр сибэкки, үүнээйи арааһын үүннэрэллэр.
Тыа сирин үлэһит ыала Ивановтар быйыл саҥа дьиэ тутуннулар. Маныаха кинилэргэ Чурапчыттан, Ньурбаттан кыргыттара, күтүөттэрэ кэлэн көмөлөстүлэр. «Саҥа дьиэлэнэн олохпут күннэтэ тупсар, дьиэбит таһа үүнээйинэн киэркэйиэн баҕарабыт», — дииллэр кинилэр.
Бу ыал 2015 сыллаахха 12 сибэкки арааһын, оҕуруот аһын 11, сир аһын 6 көрүҥүн үүннэрэн, нэһилиэк бастыҥ оҕуруоччуттара буолбуттара. Быйыл да ити бачыымнарын ыһыктыбакка сылдьаллар.
Сибэкки саарыстыбатыгар астра, бархатцы, петуния үстүү араастара, флокс, анютины глазки, львиный зев диэн итии дойду сибэккилэрэ олохторун булан астына үүммүттэр.
Сайылык маанылаах ыалын тиэргэнигэр сэдэх үүнээйилэртэн: амарант, эухарис, дельфиниум, топинамбур, кубинскай табак табыллан силигилээбиттэр. Теплицаҕа оҕурсуу араас суорда, “Стеша” помидор, болгарскай биэрэстэр эмиэ бэркэ үүнэллэр.
Хаһаайка киэн туттуутунан фиолетовай өҥнөөх минньигэс биэрэс буолар.
«Сотору сир аһа ситиэ. Ийэбит, тыыл бэтэрээнэ Христина Прокопьевна хомуйууга бастыҥ көмөлөһөөччүнэн буолар», — диэн ыал ийэтэ Раиса Иннокентьевна кэпсиир.
This post was published on 26.07.2016 11:07 11:07