Кэбээйи оройуонугар халаан уута таарыйар түгэнигэр, биэс нэһилинньэлээх пуун хабыллыан сөп. Батамай, Сииттэ, Арҕас, Чагда уонна Сангаар бөһүөлэгэ, СИА-ҕа оройуон баһылыгын бастакы солбуйааччыта Александр Сивцев эттэ.
Сэрэхтээх зонаҕа — 145 дьиэ баар, онно 412 киһи олорор. «Оройуоҥҥа быстах кэмҥэ олорор 12 пуун тэрилиннэ, манна 740 киһи киириэн сөп. Көһөрүүгэ 86 исписэлиис уонна 34 техника, ол иһигэр тыраахтырдар уонна мотуордаах тыылар, кыттарга бэлэмнэр. 319 сүөһү уонна 311 сылгы үрдүк сиргэ көһөрүллэр. Бу Батамайтан 8 км сир уонна Сииттэттэн 40, 45 уонна 1,5 км үс учаастак.
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтинэн былааннаммыт тренировка ыытыллыбыта», – диэтэ Александр Сивцев.
Сивцев эппитинэн, ас бородууктатын тиксэриигэ дуогабар түһэрсиллибит. Экстреннай психологическай көмө бөлөҕө быһаарыллыбыт. Социальнай суолталаах эбийиэктэр сраховкалаахтар.
Сангаарга уонна Батамайга тохтоло суох гидрологическай постар үлэлииллэр. Арҕаска уонна Сииттэҕэ быстах кэмҥэ туттуллар постар туруоруллаллар.
Оройуон киинигэр бөһүөлэги уонна аэропорду холбуур суолу бөҕөргөтүүгэ кумах кутуллар. Маны сэргэ ыксаллаах быһыы-майгы буолар түбэлтэтигэр иһитиннэрии оҥорор систиэмэ бэрэбиэркэлэнэр.
Барыллаан борогунуоһунан, Сангаар аннынан Лена эбэ арыллыыта ыам ыйын 19 — 21 күннэригэр күүтүллэр.