26 Муус устар 26.04
  • -7°
  • $ 92,13
  • 98,71

Кэбээйи Арыктааҕар сэдэх көтөрү буллулар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Кэбээйи Арыктааҕын олохтооҕо Саха сирин Кыһыл кинигэтигэр киллэриллибит бороҥ туруйа оҕотун булбут.

Бороҥ туруйалар соҕуруу балаҕан ыйыгар көтөллөр. Онон, арааһа туруйа оҕото көтө үөрэнэ илик буолан, хаалан хаалбыт. Көтөрдөрүн үөрэ кинини кэтэспэккэ барбыттар. Көтөр сэниэтэ эстибит, тоҥмут, көтөр кыаҕа суох буолан көмө көрдөөн дьоҥҥо тахсыбыт. Кырдьаҕастар этэллэринэн, кинилэр өйдүүллэринэн бороҥ туруйа дэриэбинэҕэ маҥанайгытын киирбит.

Билигин тустаах ыйыы-кэрдии кэлиэр диэри туруйаны олохтоохтор көрө-истэ сылдьаллар. Саха сирин Экологияҕа министиэристибэтигэр иһитиннэрбиттэринэн, күҥҥэ үстэ балыгынан аһаталлар, көтөргө кыралаан сэниэ киирэн эрэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар