Казахстаан хайыһардьыттара Алданнааҕы күрэхтэһиигэ бэлэмнэнэллэр

Алданнааҕы хайыһар-биатлон комплексыгар Казахстаан спортсменнара бэлэмнэниини саҕалаатылар.

Казахстаан хайыһарга сүүмэрдэммит хамаандата Саха сиригэр алтынньы 17 күнүгэр кэлбиттэрэ.

Кинилэр бүтүн Россиятааҕы күрэхтэһиилэргэ кытталлар, 10 хонугунан Алдан трассатыгар старт бэриллиэҕэ, суруйда хайыһар спордугар олимпийскай саппаас өрөспүүбүлүкэтээҕи спортивнай оскуолатын пресс-сулууспата.

This post was published on 17.10.2022 16:33 16:33