Саха сирин делегацията кулун тутар 28 — 30 күннэригэр «Максим Аммосов — государственный и общественный деятель Казахстана» норуоттар ардыларынааҕы конференцияҕа кытынна. Хотугулуу-Казахстаан уобалаһын Петропавловскай куоратыгар буолбут тэрээһини Дьокуускайга национальнай библиотекаҕа «Неизвестные страницы жизни М.К. Аммосова» төгүрүк остуолга түмүктээтилэр.
Конференцияҕа учуонайдар, архивистар, музейдар сотрудниктара, култуура үлэһиттэрэ уонна Казахстаан уонна Киргизия устудьуоннара кытыннылар.
Саха сирин делегацията эппитинэн, дакылаатчыттар Максим Аммосов Казахстаан автономнай өрөспүүбүлүкэтин сайдыытыгар акылааты уурбута. Онно кини үс уобалас салайааччытынан 1932 — 1937 сылларга үлэлээбитэ. Кэмпириэнсийэҕэ Аммосов Саха сирин историятыгар оруолун, өрөспүүбүлүкэ Национальнай архыыбыгар уонна дойдутугар Нам оройуонугар тус пуондатын туһунан кэпсээтилэр.
Тэрээһин биир суолталаах дьаһалынан Хотугу-Казахстаан уобалаһын судаарыстыбаннай архыыбын уонна Саха сирин национальнай архыыбын бииргэ үлэлээһиннэригэр сөбүлэҥ түһэрсиитэ буолла. Казахстаан өттүттэн архыып салайааччыта Сауле Маликова Максим Аммосов тус пуондатын тэрийэр туһунан этии киллэрдэ. Төгүрүк остуол кыттыылаахтара бэлиэтээбиттэринэн, бу биллиилээх судаарыстыбаннай деятель атын дойдуга бастакы тус пуондата буолар.
This post was published on 26.04.2023 09:35 09:35