10 сыл анараа өттүгэр буолбут кып-кырачаан оҕо түҥ тыаҕа 12 хонугу быһа муна сылдьан баран тыыннаах көстүбүтэ, инчэҕэй эттээҕи мөхсөр сүрэхтээҕи эрэ бары долгуппута, аймаабыта.
Оччотооҕу оҕо туһугар долгуйуу тыына, бу күннэргэ «Карина» киинэни кытта, биһиги эрэ оройуоммутун буолуо дуо, Сахабыт сирин дьонун-сэргэтин бары суулуу кууста. Атырдьах ыйынааҕы күһүҥҥү дьыбардаах күннэри, баһаартан айманан сириттэн-уотуттан тэйбит, баай тыабыт хаһаайыттара бэйдиэлээбит кэмнэригэр, ойуурга, түҥ тыаҕа, аһаҕас халлаан анныгар кып-кырачаан оҕо 12 түүннээх, күнүһү тулуйан тыыннаах хаалбытынан киэн туттуу, оҕону, төрөппүттэри аһыйыы, дьиэ кэргэн, иитии туһунан толкуйдар хас биирдии киһини үүйэ-хаайа туттулар.
Оо, оҕолорун сүтэрбит төрөппүттэр барахсаттар, эбээлээх, эһээ ити кэмнэргэ сүрэхтэрэ толугуруу мөхсүбүтүн, төһөлөөх ытырыктаппытын, оҕо төрөтөн улаатыннарбыт, сиэн оҕо минньигэһин билбит дьон бэйэҕитинэн билэн, сэрэйэн олордоххут.
Эбээ барахсан буруйданан санааҕа баттаппытын, эбээ буоламмын эбитэ ду, олус чугастык ылынным.
Төһө даҕаны дьыл, хонук аастар, иннинэн сирэйдээх, икки атахтаах умнубат кэмнэрэ бу күннэргэ киинэ буолан эргийэн кэлэн дьон бөҕөнү хамсатта, санаа бөҕөнү сайҕаата.
Бу кырачаан кыыс тулуурун туһунан, үлэлэригэр бэриниилээх быыһааччы идэлээх дьон туһунан, баай тыалаах, өҥ буордаах Өлүөхүмэбит туһунан, өссө онно бэйэбит дьоммут оонньообуттара олус астыннарар уонна киэӊ туттуу санаатын үөскэтэр. Бу оҕо туһунан киинэ Сахабыт сиригэр быйыл биллэриллибит Оҕо сылыгар сөрү сөп түбэһэн таҕыста. Оҕо даҕаны, төрөппүт даҕаны бу киинэттэн сирдэтинэрэ элбэх. Бу киинэни көрбүт оҕолор араас быһылааҥҥа түбэстэххэ төрөппүт, чугас дьон ууга-уокка түһэллэр эбит, сэрэхтээх буолуохха наада эбит диэн санааҕа оҕустарбыт буолуохтаахтар, быыһааччы идэтин талыан баҕарбыт да баар буолуон саарбахтаабаппын. Онон, бу киинэ иитэр-такайар суолтатын эмиэ булан көрүөххэ сөп.
Дьэ доҕоттоор, уйулҕалааҕы бары хамсаппыт, олоххо буолбут чахчыны өтө көрөн, дьон-сэргэ кутун тутар киинэ тахсыахтааҕын таба таайан, саха киинэтин сэргээччилэргэ хайыы үйэ биллибит продюссер, режиссер быһыытынан холоммут Марианна Сиэгэҥҥэ, кини халыҥ талааннаах хамаандатыгар, сүрүн оруолу толорбут бэйэлээх бэйэм оҕобор Вячеслав Лаверновка, Карина оруолун толорбут кырачаан София Прибылыхха, от, баһаар диэбэккэ бириэмэлэрин аттаран араас оруолларга, массовкаҕа кыттыбыт биир дойдулаахтарбытыгар, тэрээһиҥҥэ үлэлэспит улууспут, олохтоох дьаһалта үлэһиттэригэр, киинэни сэргээбит, көрбүт дьон аатыттан барҕа махталбын тиэрдэбин!
Карина Софиялыын көрсүһүүтүгэр: «Улааттахпына дойдубар Өлүөхүмэҕэ балетнай оскуола аһыам», — диэбит, дойдутун сайдыытыгар туһалыан баҕарар оҕолуу ып-ыраас санаата туолуон, бу киинэни көрбүт дьон алгыстарынан арчыланан олоҕун киэҥ аартыга арыллан, баҕа санаата барыта туолан дьоллоох эрэ буоллун диэн баҕа санаабын тиэрдэбин, диэн суруйда Раиса Лавернова, СӨ культуратын уонна үөрэҕириитин туйгуна.
Источник: «Олекма» хаһыат.
This post was published on 16.04.2024 12:33 12:33