2014 сыл атырдьах ыйыгар Өлүөхүмэ улууһун Олом сэлиэнньэтигэр түөрт саастаах Карина Чикитова ойуурга муммутун туһунан сонун Аан дойдуну аймаабыта. Кыысчаан туһунан “Арт-дойду” хампаанньа киинэ устан, бу муус устар 11 күнүгэр бары киинэ тыйаатырдарыгар көстөөрү турар.
Каринаны муммутун 12-с хонугар булбуттара. Оҕо түҥ ойуурга тыыннаах хааларыгар Найда диэн ытын көмөтө улахан. Кини билигин Дьокуускай куоракка балет оскуолатыгар үөрэнэр.
Тулуурдаах кыыс туһунан суруналыыс Виктория Габышева “Карина. 12 дней в тайге” диэн кинигэ суруйан таһаарбыта. Ол кэнниттэн хас да сыллааҕыта Дьокуускай аэропордун таһыгар пааматанньык туруорбуттара.
Киинэ режиссерунан, Чурапчы улууһун Бахсы нэһилиэгиттэн төрүттээх Марианна Сиэгэн буолар. Карина Чикитова оруолун толорор София Прибылых 300 хандьыдааттан талыллыбыта. Киинэҕэ биллэр артыыстар Вячеслав Лавернов, Мария Кычкина, Петр Баснаев уһулуннулар.
Кинилэри сэргэ, биһиги Чурапчыбыт нэһилиэгин килбэйэр киинигэр турар “Светлана” маҕаһыын атыыһыта, Чурапчы улууһун мааны кийиитэ Светлана Старостина буолар.
Светлана Михайловна бэйэтэ, ыаллыы сытар Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төхтүр нэһилиэгэр төрөөбүтэ, Чурапчы улууһугар кийиит буолан кэлбитэ быйыл оруобунай 35-с сыла буолла. Бу иннинэ кини 1979 сыллаахха культпросвет училищетыгар режиссердар үөрэхтэрин бүтэрээт, Мэҥэ Хаҥаласка Чүүйэ сэлиэнньэтин кулуубугар 9 сыл үлэлиир. Онтон Чурапчы уолун көрсөн, батыһан кэлэр. Ити кэмтэн ыла тыйаатыр эйгэтиттэн улам тэйэн, Мырыла Хахыйаҕар өр кэмҥэ методиһынан үлэлээбитэ. Билигин урбаан эйгэтигэр үктэммитэ 27 сылыгар барда. Киһи олоҕор эмиэ киинэҕэ курдук соһуччу түгэннэр баар буолаллар, үс сыл анараа өттүгэр, арай биир сарсыарда уһуктан тураат “Чараҥ” ТОС ватсабын бөлөҕөр, сарсыарда аайы көхтөөх кыттааччы Григорий Потапов, “Карина” диэн киинэҕэ кастинг биллэрэллэрин туһунан биллэриилэрин ыыппыт.
- Ол биллэриигэ сирэйэ-хараҕа оҥоһуута суох, көнө, уһун суһуохтаах, 60-65 саастаах, хачаайы көрүҥнээх артыыскаҕа кастинг биллэрэбит, интэриэһиргээбиттэр ити нүөмэргэ билсэ сылдьыаххытын сөп диэн ыйыллыбыт этэ. Ону тута ылан сохрани гынным уонна хайдах эрэ эмискэ ойон тураммын бэйэбин хаартыскаҕа түһэринним, бэлэмнээтим уонна ол нүөмэргэ, Света Шадрина диэн кыыс этэ, автоматом ыытан кэбистим, бэйэбин билиһиннэрдим. Ол кэнниттэн аны тиэкис ыытаннар, “маны аах” диэтилэр, ону ыламмын аахтым, “чэ, сөп” диэн буолла. Сотору соҕус буолаат аны иккис сорудахтара тигинээн кэллэ, “кылгас кэрчиги биидьийэҕэ устаҥҥын ыыт” диэн этэ. Ону дьэ, бэйэм олорон эрэ уһуллум, табылынна быһыылаах диэтим даҕаны эмиэ ыытан кэбистим. Онуоха “здесь есть очень хорошие моменты” диэн буолла. Итиннэ интэриэһинэйэ диэн туспа хамыыһыйалаахтар эбит, онно Москубаттан, Питертан тиийэ худуоһунньуктар, ассистент кыргыттар, продюсер-режиссера бука бары кыттыһаннар көрөллөр, дьүүллэһэллэр эбит. Ити кэнниттэн “доппуруос” диэн түһүмэҕи ааһыы буолла, ону тэрээһэбэр тахсаммын былаат баана-баанабын араастаан туттан уста сатаатым даҕаны, дьиктитэ диэн кыайан табыллыбыта. Өр буолбата, “Арт-студия” продюсера Марианна Сиэгэн бэйэтинэн сибээскэ таҕыста, “кэлэҕин” диэтэ. Дьокуускай куоракка “Синемаҕа” тиийдим, ыраах баҕайы дьоннор туралларын кэтиибин, онтон “ээ, кэллигит дуо? Здравствуйте, манна олоруҥ” дииллэр. Миигин 97-с киһинэн ыҥыран талбыттара. Интэриэһинэй эбит. Атырдьах ыйын 22 күнүгэр Өлүөхүмэҕэ көтүөхтээх этибит ону ойуур баһаарын буруотуттан сылтаан кыратык тардыбыттара. Онтон кэлин айаннаан тиийэн Үҥкүр диэн сир оскуолатыгар түһэрдилэр. Киинэ устааччыларбыт Москуба, Санкт-Петербург оператордара онтон атыттара бары улахан артыыстар Лавернов, Шамаев, Баснаев сылдьаллар эбит, биһиги эрэ түөрт көннөрү дьон этибит. Барыта кыыс сүппүт кэмиттэн устан саҕалаабыттара, наһаа үчүгэй Олом диэн сиргэ уһуллубута.
Дьиҥэр уһуллубут сирэ элбэх: Олом, Зареченск, Өлүөхүмэҕэ бэйэтигэр, Быһыттаахха о.д.а. Кылаабынай оруолларга туспа дуогабар түһэрсэллэр эбит. Наһаа үчүгэй хамаанда, үлэлэлэригэр бэриниилээх баҕайы оҕолор. Биир эпизод уһуллуутугар холобура 35 киһи сылдьар, артыыстар төрдүөбүт уоннааҕыта барыта обслуживающай персонал, ким эрэ буруо-түптэ оҥорор, сорохтор кофе аҕалан биэрэллэр, тымныы буоллаҕына бүрүйэн, итии буоллаҕына сөрүүкэтэр. Онно тиийэн баран билбитим режиссер көмөлөһөөччүтэ Света Шадрина – урут баһылыгынан үлэлээбит Яковлев уолун кэргэнэ, Маринна Сиэгэн – Бахсы, Михаил Кардашевскай диэн Чурапчыга арҕаа баска олорбут уол операторбыт этэ уонна Мария Эверстова диэн төрдө Хайахсыт кыыһа костюмерынан сылдьара, итиэннэ бааһынай уол баара, Одьулууммун диэбитэ. Ону буоллаҕына ити киинэҕэ 87 киһи үлэлэспит буоллаҕына – 10 % биһиги Чурапчылар ылар этибит. Ити киинэҕэ уһулларбар улахан ыарахаттары көрсүбэтэҕим, тоҕо диир эбит буоллахха барыта идэтийбит артыыстар этэ, кинилэр көмөлөрө элбэх. Кыыс эбэтин оруолун толордум, аны ол иннинэ “Карина эбэтэ баар” диэбиттэригэр “баһаалыста миэхэ көрдөрүҥ, хайдах саҥарарын истиэм, көрүөм этэ” диэтим, ону буоллаҕына “олох суох, уобараскын барытын бэйэҥ айаҕын” диэтилэр, оннук эбит. Каринаны бэйэтин эмиэ көрбөтөҕүм, уһуллубут киинэни эмиэ көрө иликпин. Сабыылаах показ эҥин диэннэр олох ыҥырбатылар. Бу 11-с чыыһылаҕа куоракка дьэ тиийиэхтээхпин. Арба онно Хоптоҕоттон төрүттээх блогер Сардаана Сыромятникова баара, ону киниэхэ: “Сардаана, мин манна Чурапчыттан кэлэн баран таах эмээхсин эрэ оруолун толордум, наһаа кыбыстыылаах, киинэни көрбүт киһи”, — диэбиппэр, кыыһым тойон эрбэҕин чоротон “вообще маннык” диэбиттээҕэ. Билигин буоллаҕына улаханнык долгуйабын, инникигэ куттал диэбит курдук.Быйыл 65 сааспын туоллум онно бу киинэ бэйэбэр бэйэм бэлэҕим диэн буолар, — диэн Светлана Михайловна күлэ-үөрэ сэһэргээтэ.
Киинэни муус устар 11 күнүгэр бары даҕаны эрэнэ күүтэбит уонна оттон бэйэбит ортобутугар үлэлии-хамныы сылдьар киһибит оруолун астына-дуоһуйа көрүөхпүт диэн эрэнэбит.
Кэпсэттэ Сэмэн Жендринскэй. Хаартыска интэриниэт ситимиттэн уонна сүрүн дьоруой бэйэтин тиксэриитэ.
This post was published on 02.04.2024 10:35 10:35