«Киэргэ» ювелирнай дьиэ «Карина» киинэни оҥорооччулары кытта харысхал бэлиэтин айан таһаардылар. Харысхалга 12 суукканы быһа Найда диэн ытын кытта муна сылдьан баран көстүбүт кыра кыысчаан историята кэпсэнэр.
Түөскэ кэтэр бэлиэни артыыстарга уонна хартыына таҥаһын худуоһунньугар туттардылар.
Харысхал киһи уонна хайдах да ыарахан түгэҥҥэ тыыннаах хааларга көмөлөһөр, суол булар саха ытын кэпсиир. Дизайна төгүрүк киэптээх, онно аар тайҕа уонна ыт тилэҕин суола ойууланар. Матырыйаала — дьэс алтан.
«Киэргэ» фирменнай маҕаһыын дириэктэрэ Галина Павлова сүрүн геройдарга бастакы кулоннары кэтэрдитэлээтэ.
This post was published on 29.03.2024 12:01 12:01