Саха сиригэр биллэр кардиохирург, өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа №1 — Национальнай медицина киинэ кардиохирургическай отделениетын сэбиэдиссэйэ Петр Захаров этэринэн, коронавирус инфекциятын кытта охсуһар кэллиэгэлэрэ саамай үрдүк сыанабылы сүгэллэр.
Кинилэр баар буолан, өрөспүүбүлүкэҕэ сотору кэминэн сүрэххэ былааннаах эпэрэссийэни оҥоруу салҕаныаҕа, суруйар СИА.
«Ковидтаах ыарыһахтары кытта үлэлиир медицина үлэһиттэрэ — дьоруойдар. Биһиги медкииммититтэн элбэх үлэһит инфекция тарҕанаатын кытта онно мобилизацияламмыттара, дьиэлэриттэн, оҕолоруттан тэйэн, изоляцияҕа олорон. Биллэн турар, кинилэр улахан убаастабылы ылаллар», — диэтэ Петр Захаров.
Кини СИА-ҕа бэлиэтээбитинэн, дьону COVID-19 дьаҥтан быыһыыр үлэһиттэр, бэйэлэрин харыстамматтарга тэҥнээхтэр, кинилэр улахан кутталга сылдьаллар. Дойду уонна регион салалталара кинилэри өйүүргэ быһаарыылара — саамай сөптөөх.
«Коронавируһу сотору кыайыахпыт диэн эрэнэбит. Күннээҕи олоххо төннүөхпүт. Былааннаах эпэрээссийэлэр ыытыллыахтарын наада. Мин толкуйдуурбунан, тахсыахха наада уонна атын ыарыыттан дьоммутун быыһыахпытын наада», — диэтэ Петр Захаров.