Саха сирин элбэх квартиралаах дьиэлэригэр капитальнай өрөмүөнү ыытар фонд сахалыы тылынан буклет бэчээттэттэ. Саҥа таһаарыы «ОДьКХ өҥөтүнэн туһанааччыларга Азбука» диэн эрдэтээҥи кинигэттэн ылыллыбыт.
«Элбэх квартиралаах дьиэлэр бас билээччилэрин үбүн-малын капитальнай өрөмүөнэ» буклет Саха сиригэр аан бастаан сахалыы тылынан таҕыста. Боростуой тылынан суруллубут, уруһуйунан бигэргэтиллибит буклет дьон капитальнай өрөмүөн, уопсай баайга-дуолга хаһаайыстыбаннай сыһыаннаһыылар тустарынан билиилэригэр туһалаах буолара чахчы.
This post was published on 14.03.2016 17:39 17:39