«Кангаласс» индустриальнай паарка» резиденэ тимир-бетон оҥоһуктары таһаарар буолуо

«Кангаласс» индустриальнай паарка» урутаан сайдыы сирин резиденэ буолбут «Монтажсервис» тэрилтэ араас мааркалаах бетон булкадаһыктарын, ону тэҥэ бетон уонна тимир-бетон оҥоһуктары оҥорор буолуо. Бу туһунан СӨ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.


Түһэрсиллибит сөбүлэһии чэрчитинэн «Уһук Илини сайыннарыы корпорацията» АУо собуот тутуутугар үс сыл устата 30 мөлүйүөн солкуобайы үбүлүө. 2021 сыл төрдүс кыбаарталыгар тэрилтэни үлэҕэ киллэрэр уонна бородууксуйа оҥоһуутун саҕалыыр былааннаахтар.

«Бырайыак толору күүһүгэр киирдэҕинэ, сыллааҕы оҥорон таһаарар көдьүүһүн кээмэйэ 62 тыһыынча кубометр бетон, 19 тыһыынча кв миэтэрэ тротуары уурар билиитэлэр уонна бордюрдар, ону тэҥэ 686 кубометр тимир-бетон оҥоһуктарга тэҥнэһиэ», — диэн этиллэр.

Билиҥҥи туругунан, оҥорон таһаарар собуот дьиэтин тутуута уонна туһааннаах сирин тупсаран оҥоруу ыытыллар.

This post was published on 09.10.2019 16:53 16:53