Ил Дархан Айсен Николаев ыам ыйын 13 күнүгэр Дьокуускайтан, Уус Алдан сирин-уотун хабан туран, Нам улууһугар тиийэ Өлүөнэ устун көтүүнү оҥордо. Муус барыытын, харыылар балаһыанньаларын көрдө.
ЫБММ Саха сиринээҕи салаатын иһитиннэриитинэн, Өлүөнэ өрүскэ муус Кангалас таһынан бэлиэтэнэр. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, быйыл да эбэ мууһуттан ыраастаныыта уустук. Кангалас тумуһугар харыы баар. Дьокуускай аннынан уу эбиллэ турар.
«Харыы анараа өттүгэр уута кыра, итиэннэ Кангалас тумуһуттан Намҥа диэри муус халҕаһалыы анньа сытар. Бу уустуктары үөскэтэр. Граф Биэрэгиттэн Алдан өрүс диэки муус сахсархай. Сүрүн сорук — Кангалас тумуһун, Үөдэй уонна Нам икки ардыларын учаастагынан муус барыытын түргэтэтии. Онон бүгүн эстэрии үлэтэ ыытыллыа», — көтүү быһаарытын Ил Дархан эттэ.
This post was published on 13.05.2020 17:17 17:17