Күүстээх хаар Алдан уонна Хаҥалас улуустарыгар түһэрэ күүтүллэр

Хаартыска: ЯСИА саайта

Чэппиэргэ, кулун тутар 20 күнүгэр, Алдан уонна Хаҥалас улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр, миэстэлэринэн — күүстээх, сэрэтэр Саха сиринээҕи УГМС.

Нерюнгри, Алдан, Ленскэй, Өлүөхүмэ, Мииринэй, Сунтаар, Ньурба оройуоттарыгар күүһүрэн кэлэр кэмигэр 15-20 см түргэннээх тыаллаах, тибиилээх.

Күнүс киин улуустарга -2…-7 кыраадыс, соҕуруу -3…+2, хотугулуу-илин -12…-17, Өймөкөөҥҥө -20…-25.

Дьокуускайга

Дьокуускайга -18…-20 кыраадыс. Сарсыарда кыратык хаардыаҕа. Күнүһүн -7…-9.

Эрдэ УГМС иһитиннэрбитинэн, нэдиэлэ бүтүүтэ тымныйыаҕа.

This post was published on 19.03.2025 17:01 17:01