Күүстээх ардах түһэн Олоҥхо Ыһыаҕа ыытыллыа да суоҕун курдук иһитиннэрии бэҕэһээҥҥиттэн ыла өрөспүүбүлүкэни тилийэ тарҕаммыта. Олохтоох былаас уоргана кэмигэр ылыллыбыт сөптөөх дьаһалларын түмүгэр Ыһыах ыытыллыахтаах сиригэр мунньуллубут ууну хачайдаатылар.
«Икки күннээҕитэ уу элбэх этэ. Ханна эрэ өссө суолу кытта суурайбыт курдук кэпсииллэр. ЫБММ үлэһиттэрэ иһитиннэрбиттэринэн, барыта этэҥҥэ. Ыһыахтыыр сир кураанах, күн көрөр, дьон тоҕуоруһа мустар. Ыһыаҕы үөрүүлээхтик аһыы сиэрэ-туома бу соторутааҕыта ыытыллыбыта. Онно эҕэрдэ тылы Саха сирин баһылыга Егор Борисов эппитэ. Ыһыах ыалдьыттарын ахсаана чаас аайы элбии-эбиллэ турар», — диэн СИА суруналыыһа Дьулустаан Сергеев кэпсээтэ.
This post was published on 28.06.2016 13:21 13:21