Балаҕан ыйыгар Булуҥ улууһугар олус суолталаах бэлиэ күн буолан ааста. Күһүүр нэһилиэгэр оскуола-интернат төрүттэммитэ 125 сааһын бэлиэтиир улахан үбүлүөйдээх тэрээһин буолан ааста. «Оскуола үбүлүөйэ үрдүк таһымҥа ааста. Истиҥ, иһирэх, үчүгэй көрсүүһүүлэр тэрилиннилэр. Оскуола бырааһынньыгын күннэригэр ыалдьыттарбыт, урукку сыллар выпускниктара, нэһилиэк бэлиэ сирдэринэн, музейынан, урукку кэмнэрин санатар сирдэринэн, айылҕаҕа сылдьан, толору сынньанан дуоһуйан бардылар», — диир нэһилиэк баһылыга Николай Чемезов.
Күһүүрдээҕи оскуола-интернат дириҥ силистээх киэҥ историята 1893 сыллаахтан саҕаламмыта. Нэһилиэк улуус киинэ эрдэҕинэ, Стефан Александрович Орлов диэн таҥара үлэһитэ нэһилиэнньэ оҕолоругар аан маҥнай церковно-приходской оскуола кыһатын арыйбыт. Бэлиэтээн эттэххэ, бу оскуолаттан Булуҥҥа үөрэхтээһин тэриллибитэ.
Оскуола үбүлүөйэ теплоходунан Дьокуускайтан кэлбит ыҥырыылаах ыалдьыттары көрсүүттэн саҕаламмытын Күһүүрдээҕи оскуола-интернат дириэктэрин иитэр-үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччы Виктория Павлова этэр. Нэһилиэк олохтоохторо, үөрэнээччилэрэ кэлбит дьону саха дьонун сиэринэн-туомунан көрсүбүттэр. 12 ыҥырыылаах ыалдьыт Тюмень куоратыттан саҕалаан, Дьокуускайтан, өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан кэлбиттэр.
Сарсыҥҥы күнүгэр оскуола үөрүүлээх бырааһынньыга линейкаттан, нэһилиэк дьаһалтатын баһылыга Николай Чемезов эҕэрдэ тылыттан саҕаламмыт. Үтүө быһыыга-майгыга саамай кырдьаҕас выпускниктар, 1960 сыллардаахха оскуолаттан куорсун анньынан тахсыбыт дьон кэлэн, эҕэрдэ тылларын, баҕа санааларын эппиттэр.
Ыалдьыттары кытта наллаан көрсүһүүгэ урукку сыл выпускниктара билиҥҥи үөрэнээччилэргэ хайдах үөрэммиттэрин хаартысканан көрдөрөн сиһилии кэпсээбиттэр, уруккуну-хойуккуну санаабыттар. Ону таһынан, кинилэри хайдах учууталлар үөрэппиттэрин билиһиннэрбиттэр. Бэлиэтээн эттэххэ, кэлээччи ыалдьыттар үксүлэрэ үтүөлээх учууталлар, үөрэҕирии салаатын үлэһиттэрэ эбит. Бырааһынньык күннэригэр билиҥҥи үөрэнээччилэри кытта араас хабааннаах тэрээһиннэргэ кыттыбыттар, сэргэх кэпсэтиилэри ыыппыттар.
Үбүлүөй олус үчүгэйдик үрдүк таһымҥна ааспыт. Интернат-оскуола үбүлүөйүн түмүктүү бырааһынньыктааҕы фейервек ыппыттар уонна кэлээччи дьону минньигэс туордунан күндүлээбиттэр.
Билигин саҥа оскуола дьиэтэ 70% тутуллан турар. Санатан эттэххэ, олунньуга бырабыыталыстыба отчуоттуу кэлэ сылдьан, оскуола-интернат тутуута барыа, харчы көрүллүө диэн эрэннэрбитэ.
“1983 сыллаахха Стефан Орлов диэн киһи Булуҥҥа оскуола арыйыаҕыттан, улууска үөрэҕирии саҕаламмыта. Оскуола аан маҥнай арылларыгар 12 оҕо үөрэммит, онтон кэнники сылларга сайдан, атаҕар туран барбыт. Оскуола арыллаҕыттан 31 дириэктэр үлэлээбитэ. Онтон билиҥҥи туругунан, оскуола-интернакка 193 үөрэнээччи уонна 36 учуутал баар.
Оскуолабыт төрүт үгэһин сүтэрбэккэ салҕыы сайда, үүнэ турдун. Аныгыс үбүлүөйбүтүн саҥа оскуолаҕа бэлиэтиирбитин эрэнэ күүтэбит”, – диэн Виктория Васильевна кэпсиир.
Бу оскуолаттан үгүс учууталлар династиялара тахсыбыттара. Ол курдук, Мироновтар, Степановтар уонна Стручковтар дьиэ кэргэттэрэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ учууталлаан, оҕолорго сырдыгы тарҕатан кэлбиттэрэ, кинилэр килбиэннээх үлэлэрэ үрдүк таһымҥа сыаналанар. Билигин кинилэр үөрэппит оҕолоро үтүө дьон буолан, өрөспүүбүлүкэ бары муннуктарынан тарҕанан, араас үлэ эйгэтигэр таһаарыылаахтык үлэлии-хамныы, айа-тута сылдьалларыттан оскуола киэн туттар.
Үөрэҕирии улуустааҕы салалта тын начальнига Матрена Варламова:
– Мин бэйэм Күһүүрдээҕи оскуоланы 1986 сыллаахха үчүгэйдик түмүктээт, салгыы үрдүк үөрэх кыһатыгар үөрэнэ барбытым. Кэлин, үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, оскуолабар 1992-2016 сс. физика учууталынан үлэлээбитим. Аан маҥнай оскуолаҕа үлэҕэ киирэрбэр дириэктэринэн Галина Семеновна Щебетюк олорбута. Ол кэнниттэн Юрий Романович Иванов, Александр Стефанович Велигура. Онтон билигин Ирина Юрьевна Винокурова кинилэр үлэлэрин салҕаан, дириэктэрдии сылдьар.
Мин үөрэммит сылларбар Д.И. Краснопольский, А.В. Чекулаев, А.Н.Мжельских, К.С. Постников уонна С.С. Шамаев дириэктэрдээбиттэрэ. Бу дьону нэһилиэнньэ наһаа убаастыыра.
Биһигини иитэн-үөрэтэн таһаарбыт тапталлаах оскуолабар баҕарыам этэ сайдыыны. Саҥа оскуолабыт 2019 сыллаахха үлэҕэ киирэрэ буоллар наһаа үчүгэй буолуо этэ диэн баҕа санаалаахпын. Кэлэр көлүөнэбит оҕолоро улахан, сырдык оскуолаҕа үөрэниэ, үлэлиэ этилэр. Өр сылларга бииргэ үлэлээбит коллективпар үөрэххэ тардыһар үөрэнээччилэри, өйдөһөр төрөппүттэри өйөөн, туох баар кыахтарын уонна кыһамньыларын улуус үөрэҕин хаачыстыбатын көтөҕөллөрүгэр үлэлэһэллэригэр баҕарыам этэ.
Ааптар: Харысхан ПОПОВ
Хаартыскалары Күһүүрдээҕи оскуола коллектива тиксэриитэ