Дьокуускайтан Магадан куоракка тиийэр «Халыма» федеральнай массыына суолугар Томпо оройуонун сиригэр Күрбэлээх үрэххэ 35 тонналаах автоцистерна хаһыс да күнүн умайар.
35 тонна солярканы тиэммит саҥа «Сканиа» массыына айаннаан иһэн Күрбэлээх үрэххэ базаланан суол оҥоро сылдьар дьоҥҥо туораан баран цистерната эмискэ умайан тахсыбыт. Суоппар массыынаны араара охсубут, онон цистерна эрэ умайар. Дьон бэйэлэрэ уоту умуруора сатаабыттар быһыылаах да кыайбатахтар.
Массыына хаһыс да хонугун умайа турар. Уот бастаан кыра соҕус эбит буоллаҕына кэлин хара буруо хайалар нөҥүө ыраахтан көстөр буолбута. Уот солярка бүттэҕинэ биирдэ тохтуо.
Айылҕа харыстабылын инспекциятын үлэһиттэрэ хоромньуну көрө баран эрэллэрэ, кинилэр бэйэлэрин үлэлэринэн Нежданинскай руднигынан эргийэн кэлиэхтээхтэр, онон Хаандыга бөһүөлэгэр баар үлэһиттэр инфорамцияны билбэттэр.
Биричиинэтин быһаара бэҕэһээ полиция сотрудниктара массыынанан эмиэ баран эрэллэрэ, онон кинилэр дьыала ис дьиҥин, ким буруйдааҕын, хоромньу сууматын билэр буолуохтаахтар.
1 литр солярка сыаната 47 солкуобайтан тахса, аны саҥа техника сыаната. Мөлүйүөнүнэн суумалаах хоромньу буолан тахсар.
Евдокия Неустроева.
Автор түһэриитэ.