Булуҥ улууһун Күһүүр нэһилиэгиттэн Ньурба куоратыгар хайыһарынан айан кулун тутар 15 күнүгэр стартаата. 1942 сыллаахха тохсунньу — олунньу ыйдарга Сэмэн Сюльскай хоту дойду хоннохторунан Ньурба улууһун сэриигэ хомуйар пуунугар хайыһарынан айаннаан тиийбитэ, онтон фроҥҥа аттаммыта.
Күһүүр — Ньурба хайысха экстремаллара айаны түмүктүүр сирдэригэр муус устар 8 — 10 күннэригэр тиийэр былааннаахтар. Тэрээһин Кыайыы 75 сылыгар, Сэмэн Сюльскай хорсун сырыытыгар ананар. Кини 35 күн устата туундара, ойуур, хайа быыстарынан 2500 км айаннаан, Ньурба фроҥҥа атаарар пуунун булбута.
Ньурбаттан Сэмэн Сюльскай хотугу-илиҥҥи фроҥҥа ыытыллыбыта, Ржев, Старай Русса уонна Великай Лука кыргыһыыларыгар кыттыыны ылбыта. Курскай тоҕойго бааһырбыта уонна билиэҥҥэ түбэспитэ, онтон куоппута, «Буревестник» бартыһааннар этэрээттэригэр Украинаҕа кыттыспыта. ПТР взводун хамаандалаабыта. Украинаттан Прагаҕа диэри барбыта.
Сэрии кэнниттэн Ньурба оройуонгугар кэлэн Осовиахима сэбиэтин салайбыта. Кэлин Украинаҕа көспүтэ, каменщиктаабыта, Новай Каховка уонна Атомград куоратыгар Каховскай ГЭС тутуутугар биригэдьиирдээбитэ (уруккута Желтые Воды). Убаастанар киһи буолбута. Сюльскай бартыһааннар уонна подпольщиктар тустарынан элбэх матырыйаал хомуйан, «В Савранских лесах» диэн кинигэни суруйбута.
This post was published on 16.03.2020 10:28 10:28